Сэтинньи 21 күнүттэн саҕалаан Булуҥ улууһугар Дьокуускай куораттан быраастар мобильнай биригээдэтэ кэлэн үлэлии сылдьар.
Сэтинньи 21-24 күннэригэр быраастар Күһүүр нэһилиэгин хабан үлэлээтилэр, салгыы бу күннэргэ Сииктээх олохтоохторун көрүөхтэрэ.
«Тыа сирин олохтоохторо быраастар кэлэллэрин кэтэһэллэр уонна сөбүлээн көрдөрөллөр. Күһүүргэ исписэлиистэр түөрт күн устата 277 киһини, ол иһигэр 83 оҕону көрдүлэр», — диэн Күһүүрдээҕи амбулатория медицинскэй сиэстирэтэ Сахая Антонова иһитиннэрдэ.
Мобильнай биригээдэҕэ терапевт, невролог, УЗИ бырааһа, офтальмолог, пульмонолог, травматолог, педиатр, гинеколог, оториноларинголог, хирург-уролог быраастар уонна икки медицинскэй сиэстирэлэр сылдьан көрөллөр.
Санатар буоллахха, мобильнай биригээдэ быраастара быйыл Булуҥ улууһугар үһүс сырыытын үлэлиир. Бу иннинэ кинилэр муус устар уонна алтынньы ыйдарга кэлэн, ыраах сытар нэһилиэктэри хабан, икки тыһыынча кэриҥэ киһини көрөн-истэн барбыттара.
Я. Иванова
Хаартыска Сахая Антонова тиксэриитэ