Кулун тутар 15 күнүгэр сарсыарда 8 чаастан Сииктээх сэлиэнньэтигэр быыбардыыр учаастак үлэтин саҕалаата. Государственнай гимн кэнниттэн куоластааһын саҕаланна. Бастакы куоластааччынан Наталья Кривошапкина буолла.
Сииктэх участковай быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Анна Горнакова иһитиннэрбитинэн, 73 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка 141 бүлүтүөн тиксэрилибит, нэһилиэк үрдүнэн быыбардааччылар испииһэктэригэр 116 киһи киллэриллибит. Быыбар балачча көхтөөхтүк саҕаламмыт.
«Бүгүн учаастакпыт аһыллыаҕыттан 2 чаас иһигэр 33 киһи кэлэн куоластаата. Бастакы быыбардааччынан Кривошапкина Наталья Владимировна кэлэн куоластаан барда. Быыбар хаамыытын икки наблюдатель уонна полиция үлэһитэ Иван Ачикасов кэлэн кэтээн көрө олороллор. Быыбар көхтөөхтүк саҕаланна», — диэн иһитиннэрдэ Анна Ивановна.
Я. Иванова