Ахсынньы 22 күнүгэр Бороҕон оскуолатыгар Педагог уонна уһуйааччы сылын тэрээһиннэрин түмүктүүр дьоро киэһэҕэ оскуола учууталлара, үлэһиттэрэ, оҕолоро Иван Гоголев «Ыам ыйын халлаана” пьесаны толорон көрдөрдүлэр.
Бу күн оскуолаҕа сыллааҕы үлэ түмүгэ таһаарылынна. Ол кэннэ Иван Гоголев – Кындыл «Ыам ыйын халлаана” пьесаны оҕолор, учууталлар бары биир тыыҥҥа киирэн оруолларын итэҕэтиилээхтик арыйан, көрөөччүлэр болҕомтолорун тардан толорбуттара бу оскуолаҕа театр тыына олохсуйбутун чахчы итэҕэттэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, манна «Сата» оскуола театра үлэлээбитэ хаһыс да сыла буолла. Салайааччы – эдэр учуутал Сандаара Игоревна Тобонова.
Түмүккэ саалаҕа мустубут көрөөччүлэр астынан, дохсун ытыс тыаһынан испэктээк кыттыылаахтарыгар махталларын биллэрдилэр.
Дириҥ ис хоһоонноох драманы оскуола кэлэктиибэ, «Сата» оскуола театральнай бөлөҕүн оҕолоро кыайа-хото тутан итэҕэтиилээхтик оонньоотулар, диэн кэлбит ыалдьыттар бэлиэтииллэр:
— Наһаа үчүгэй испэктээк көрдүбүт. Оҕолорго, учууталларга, туруорааччы режиссерга Сандаара Игоревнаҕа махтал. Өссө да үлэҕит түмүктээх буоллун. Педагог уонна уһуйааччы сыл түмүктэммитинэн!
—Олох наһаа үчүгэй испэктээк көрөн, дууһабытынан сынньанныбыт. Оҕолорбут да, учууталлар да, идэлээх артыыстартан итэҕэһэ суох оонньоотулар. Олус үчүгэй киэһэни бэлэхтээбиккитигэр барыгытыгар барҕа махтал! Инникитин да түмсүүлээх, таһаарыылах үлэлээх буолуҥ…
Александра Стручкова