Уйаҥ сүрэх иэйиитинэн, намчы тылларынан олох очурдарын, долгуннарын, таптал кистэлэҥин алыптаах тылларынан хомоҕой хоһоон буолан тиһиллэн “Номох буолбут тапталым” Мира Кыймина хомуурунньуга бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ сүрэхтэниитин алтынньы 28 күнүгэр Киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, ааптар кыыһа Оксана Игнатенко тэрийэн ыыттылар.
Мира Кыймина ыам ыйын 13 күнүгэр 1964 сыллаахха Булуҥ Күһүүрүгэр күн сирин көрбүтэ. Эдэр эрдэҕиттэн хоһоон айан, тэтэрээттэргэ илиитинэн суруйан хаалларбыт. Олорон ааспыт кылгас олоҕор суруллубут хоһоонноро бу кинигэҕэ тиһиллэн үйэ-саас тухары хаалыа турдаҕа.
Мира Петровна хомуурунньук таһааттарар ыра санаатын кыыһа Оксана Игнатенко толорон, бу кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыт.
Киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар Мира Кыймина хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтэниитин дьоро күнүгэр үгүс киһи тоҕуоруһа мунньустан эҕэрдэ эгэлгэтэ этилиннэ.
Тэрээһини олус истиҥник, хамаҕатык Евдокия Баишева иилээн-саҕалаан ыытта. Евдокия Афанасьевна бэлиэтээбитинэн, Мира Петровна хоһоонноро төрөөбүт дойдуга, айылҕа кэрэтигэр тапталы хоһуйаллар, истиҥ сыһыаны, инникигэ эрэли туойаллар.
Кинигэ сүрэхтэниитин ырыанан-тойугунан, нарын-намчы уҥкүүнэн, ааптар хомоҕой хоһооннорунан киэргэттилэр “Айхал” этнокультурнай киин, култуура управлениетын, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ.
Ааптар аймахтара, дьүөгэлэрэ, доҕотторо кэлэн кини туһунан ахтан-санаан, кыыһыгар Оксанаҕа сүүрэн-көтөн, улахан сыратын ууран, ийэтин баҕа санаатын толорбутугар махтал тыллары тиэртилэр.
Кэрэ бэлиэ күнүнэн эҕэрдэ тыллары видеосвязь көмөтүнэн тиэртэ хомуурунньук эрэдээктэрэ – суруналыыс, бэчээт туйгуна, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Сахамедиа холдинг ЯСИА сайтын сахалыы таһаарыытын эрэдээктэрэ, Куораттан дэриэбинэҕэ медиапроект ааптара Полина Николаева.
Кэлбит ыалдьыттар Мира Петровна хоһооннорун ырытан, алтыспыт сылларын ахтан-санаан, ыллаан-туойан, дуоһуйа кэпсэтэн тарҕастылар.
Александра Стручкова