Булуҥ улууһун Намыы нэһилиэгин «Омолой» этнокультурнай киин үлэһиттэрэ бу дьыл олунньу 2 күнүгэр Хатастааҕы «Тускул» култуура киинигэр уопут атастаһа тиийэ сырыттылар. «Тускуллар» төһө да үлэ үөһүгэр сырытталлар, бороҕоттору сүрдээх эйэҕэстик, үөрэ-көтө көрсүбүттэр.
Уопут атастаһыытын, сыллааҕы былаанын туһунан кэпсээтэ Намыы нэһилиэгин “Омолой” этнокултуурнай киин дириэктэрэ, СӨ култууратын туйгуна Ирина Бурцева.
Хатаска уопут атастаһа
— Этэргэ дылы, театр биэсэлкэттэн саҕаланар диэбиттии, олох аан айаҕыттан кэлэктиип салайааччыта Валентин Азотович үөрэ-көтө, мичээр кэһиилээх көрсөн санаабытын көтөхтө. Кэлэктиип түмсүүлээҕэ,сомоҕолоһуулааҕа, бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаннааҕа уонна үлэлэрин баҕаран туран оҥороллоро тутатына биллэр.
Хатаска култуура киинэ төрүттэммитэ 90 сылыгар анаммыт олус туһалаах кинигэ тахсыбыт, этэргэ дылы, бэйэтэ бэртээхэй методическай ыйынньык. Маны этэн эрдэхтэрэ, суруллубут суоруллубат диэн. Мин санаабар бу кинигэ элбэх ахсаанынан тахсара буоллар, ханнык баҕарар таһымнаах култуура тэрилтэтигэр остуолга ууруллар арахсыспат аргыс буолуо этэ. Үөрүүбүтүгэр, үлэҕитигэр туһаныҥ диэн биһиэхэ бэлэхтээтилэр. Кинигэҕэ элбэх сүбэ-ама, методическай албас, ньыма уо.д.а киирбиттэр.
“Тускул” КК үйэ чиэппэриттэн ордук СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Чепалова Людмила Михайловна салайбыта, бу сыллар тухары айар-тутар суолга таһаарыылаахтык үлэлээн, кэлэктиип Арассыыйа таһымнаах ситиһиилэригэр кини өҥөтө улаханын бары даҕаны билинэбит уонна киэн туттабыт.
Элбэҕи сэргээтибит, кэрэхсээтибит. Ордук чуолаан ыйар-кэрдэр, көҕүлүүр-саҕалыыр сыаллаах соруктаах координационнай сүбэ үлэтин биһирээтим. Онно нэһилиэк бары тэрилтэлэрин салайааччылара, уопсастыбаннай түмсүүлэр, көхтөөх олохтоохтор, нэһилиэнньэ бары араҥатыттан киирэн, биир улахан дьиэ кэргэн курдук үлэлииллэр эбит. “Тускуллар” аныгы кэм балысхан сайдыытын хаамыытын кытта тэҥҥэ тилэх баттаһа сайда-үүнэ, тэнийэ, кэҥии үлэлииллэр-хамсыыллар эбит.
Үлэлиир хайысхалара элбэх буолан, талааннаах, дьоҕурдаах дьон кэлэн, мин ону гыныам, маны гыныам диэн этии киллэрэллэрэ ама кими үөрдүбэт буолуой… Иис-күүс туһунан Жиркова Татьяна Григорьевна кэпсээтэ. Бу эйгэтигэр маастардар үлэлэрин сөҕө көрдүбүт. Талааннаах далбардара, эр дьон үтүөлэрэ анаан тус быыстапкалара (персональнай) тэриллэрин сэргээтибит, бу хайысхаҕа сүрдээх элбэх маастар-кылаастар, семинардар тэриллэллэрэ эмиэ бу үлэ тахсыылаах буоларыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох.
Эдэр эрчимнээх, үлэлиэн баҕалаах, этэргэ дылы, хараҕар уоттаах Окорокова Татьяна Григорьевна ырыа сайдарыгар өйүн-санаатын биэрэн туран үлэлиир эбит. Үлэтигэр аныгы технологияны баһылаабыта, интернет ситимин сатаан туһанара көмө-тирэх буоларын үөрэ-көтө үллэһиннэ. Биһиэхэ распевкаҕа, репертуар оҥорорго маастар-кылаас биэрдэ, саайтка үлэлииргэ сүбэ биэрдэ.
Өссө биир исписэлиис Николай Протасов дэгэрэҥ ырыанан дьарыктанар бырайыактаах эбит. Христофор Максимов туһунан кэпсэттибит, маастар-кылаас, сүбэ-ама биэрдэ, бэйэтэ оҥорбут фонограмматын бэлэхтээтэ. Онон инникитин дэгэрэҥ ырыа күрэҕэр кыттыахпыт.
Онтон өрөспүүбүлүкэ көрөөччүлэрэ бары даҕаны сөбүлүүр, таптыыр киһибит Семенова Евдокия Ефимовна Хатастааҕы норуодунай театр өрөсүссүөрэ. Олох ис иһиттэн оҥорбут-туппут, айбыт киһи диэбиттии сэргэх, ураты көрүүлээх, кэпсэтэргэ-сэһэргэһэргэ, билиитин-көрүүтүн үллэстэргэ бэлэмэ биһигини ис сүрэхпититтэн үөртэ. Элбэх спектакль, инсценировка, сценка туруорбут, тэттик киинэлэри устубут. Биһиэхэ элбэх этии, сүбэ уонна улэҕитигэр туһалаах буоллун диэн бэйэтин авторскай үлэлэрин хомуурунньугун бэлэхтээтэ.
“Тускуллар” биир тутаах уопуттаах үлэһиттэрэ Руфова Наталья Ивановна буолар. Кини этэринэн, 70-ча түмсүү тула таһаарыылаах үлэ барар эбит. Тэрилтэлэри, дьону-сэргэни уонна сырдатар, көрдөрөр-иһитиннэрэр тэрилтэлэри кытта үлэлиир ньымаларын, үйэтитиигэ үлэлэрин сэргии иһиттим.
Ханнык баҕар коллектив салайааччыттан тутулуктаах. «Тускул» култуура киинин билигин Чепалов В.А. салайар, кини биологическай наука кандидата, бэйэтэ атын таһымнаах, суоллаах-иистээх, сэмэй, эдэр киһи диэтэххэ, сүрдээх муударай, мындыр толкуйдаах салайааччы. «Тускуллар” үлэлэрин олох кыайа туталлар эбит, хас биирдии үлэһит талааннаах, чып-чап курдук үлэлии сылдьалларын көрөргө да астык.
Кинилэргэ баҕарабын айымньылаах таһаарыылаах үлэни,сулус курдук дьону-сэргэни сирдии сылдьыҥ, элбэх талааннары таһаара туруҥ , тус олоххутугар дьолу!
Бу командировка ураты суолталаах айан буолла. «Тускулларга» улахан махталбытын тиэрдэбит, бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит.
Дьэ, онтон “Тускултан” ити курдук, этэргэ дылы, олох оргуйа сылдьар эрчими, үлэлиэххэ баҕа санааны туппутунан тахсан куораттаары оптуобус тохтобулун диэки бардыбыт. Ол турдахпытына, биир эдэр уол массыынанан баран иһэн тохтоото уонна куоракка бараҕыт дуо, олоруҥ, диэтэ. Инньэ гынан куораппытыгар бэрт түргэнник тиийдибит. Аны суоппарбыт аҕалбытыгар биир даҕаны харчыны ылбата… Аатын ыйыппытым Хатас олохтооҕо Егоров Владимир, көмүскэ «Молодо” диэн учаастакка ваахтанан үлэлиир эбит. Биһиги, сахалар, бу курдук үтүө санаалаах эдэр ыччаттардаахпыт диэн киэн тутта санаатым. Сырыыбыт табылынна, эрэлбит күүһүрдэ, айар-тутар баҕа санаабыт улаатта. Махтал буоллун Хатастарга!
Былааннар тустарынан
— Уопсайынан сыл учугэйдик саҕаланна. Биһиги, Бурцевтар-Дьяконовтар дьиэ-кэргэн, тохсунньу 25 күнүгэр Дьокуускайга «Таптыыр күндү дьонум» пуорумҥа саҕыллыбыт дьиэ кэргэн холумтанын уотун көрсөр дьоро тэрээһинигэр кыттыыны ылбыппытыттан киэн туттабыт. Лампааданы сэтинньигэ «Арассыыйа» быыстапка-пуорумҥа ыал буолбут Жанна, Владислав Федоровтар аҕалбыттара. Уоту көрсүүгэ араас улуустартан дьиэ кэргэттэр кыттыыны ылбыттара. Булуҥ улууһуттан биһиги ыал кыттыбыппытыттан олуһун диэн үөрэбит.
Бу сылга былааммыт киэҥ. Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сылларын арыллыытыгар бэлэмнэнии үлэлэрэ бара тураллар. Ону таһынан Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас сылларын чэрчилэринэн, араас күрэхтэри, форумнары, фестиваллары былааннаабыппыт эрээри, барыта үптэн-хаччыттан тутулуктаах. Ол курдук, баҕа санаабыт бу сылга улуустааҕы олохтоох мелодистар фесивалларын, дэгэрэҥ ырыа киэһэтин, испиктээктэри, маастардарбыт быыстапкаларын, Саһаан-2024, дьиэ кэргэн күрэхтэрин о.д.а. тэрийиэхпитин баҕарабыт.
Биир улахан болҕомто ууруллуо эдэр ыччат патриотическай иитиитигэр.
Былаан элбэх эрээри, кэккэ ыарахаттар эмиэ бааллар. Ол курдук, кулууппут олус тымныы, оһоҕо маһынан оттуллар. Нэһилиэкпитигэр мас боппуруоһа сытыытык турар, чугаһынан суох. Иннэ гынан нэһилиэк баһылыгын Вера Стручкованы кытта кэпсэтии түмүгүнэн, быйыл стройматериал ылан, кулуупка ититии үлэлэрин ыытыахтаахпыт.
Александра Стручкова