Хара-Уулаахтар үрүҥ халааттаах аанньалларга — «мобильнай быраастарга» — махталлара муҥура суох

Балаҕан ыйын 19 күнүттэн саҕалаан Булуҥ улууһугар элбэх хайысхалаах быраастар мобильнай биригээдэтэ үлэлээбитэ. Ол курдук, балаҕан ыйын 20-21 күннэригэр Лаптевтар муораларын биэрэгэр турар Хара-Уулаах нэһилиэгэр «мобильнай быраастар» 14 киһилээх биригээдэтэ сүрдээх эппиэтинэстээхтик, көдьүүстээхтик үлэлээн бардылар, диэн Найба олохтооҕо Саргылана Болтунова тус санаатын үллэстэр.

— Биьиги Ил Дархаммыт ыйыытынан Арктика улуустарыгар анал үөрэхтээх быраастар миэстэтигэр тиийэн көрөллөрүн тэрийбиттэрэ сүрдээх туһалааҕын, дьон кэрэхсээбитин, туһаммытын бэлиэтиир наадалаах.

Бары исписэлиистэр анал тэриллээхтэр, дириҥ билиилээхтэр. Киэҥ орто оскуола дьиэтигэр нэһилиэнньэ бары араҥатын көрдүлэр-иһиттилэр. Ордук болҕомто оҕолорго уурулунна. Педиатр уһуйааҥҥа, оскуолаҕа сылдьан, оҕолору көрдө, профилактическай бэсиэдэлэри ыытта. Оҕолорго ордук билиҥҥи кэм ыарыылара: аллергия, уойааһын, миопия, внутричерепной давлениелаахтара билиннэ.

Көрдөрөөччүлэр диагноз туруортаран, эмтэрин анатан, салгыы бэргэппэт туһуттан профилактика ыыталларын ыйыы ылан олус диэн астыннылар, быраастарга махтаннылар. Дьон ордук кардиолог, невролог, окулист быраастарга наадыйаллар эбит. Биһиги нэһилиэккэ хаһан да кэлбэтэх пульмонолог, уролог быраастарга көрдөрөн, элбэх киһи эмтэниини анатта. Олус элбэх дьон УЗИ-аппаракка көрдөрдүлэр, диагнозтарын чуолкайдаттылар.

Анна Николаевна Стручкова, педагогическэй үлэ бэтэрээнэ: Кэлбит быраастарга махталбыт муҥура суох. Олох дьон кыьалҕатын үчүгэй баҕайытык истэн, сэҥээрэн, кыһамньылаахтык көрдүлэр. Урукку сылларга быраастар хайдах эрэ ыксаан сылдьар курдук буолааччылар, бу биригээдэ олус элэккэйдэр, тулуурдаахтар, билиилээхтэр. Аны анаабыт эмтэринэн эмтэнэн абыраныахпыт буоллаҕа.

Наталья Николаевна Никитина, социальнай үлэһит: Быраастар нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын барытын хабан үлэлээтилэр: кырдьаҕастары, доруобуйаларынан хааччахтаах дьону. Ыарыһахтар испэсэлиистэр үлэлэрин үчүгэйдик сыаналаатылар, олус билиилээхтэрин, дьоҥҥо ураты итии сыһыаннарын бэлиэтээтилэр. Өссө да бу бырайыак тохтоон хаалбакка, салҕанар буоллар олус диэн үчүгэй буолуо эбит диэн элбэх дьон баҕа санаатын этиннилэр.

Саргылана Николаевна Болтунова, Хара-Уулаах орто оскуолатын учуутала: Бу «мобильнай быраастар» бырайыагы олуһун сэргээтим, биһирээтим. Оскуола оҕолоро 100 бырыһыан көрдөрүнэн, диагноз туруоттардылар. Буоларын курдук төрөппүттэр сайын куоракка бардахтарына, баҕарбыт быраастарыгар оҕолорун соло булан көрдөрбөккө хаалаллар. Онон быраастар тус хоту ыраах нэһилиэккэ бэйэлэрэ кэлэн нэһилиэнньэни көрөллөрө олус хайҕабыллаах. Бу сырыыга көрдөрүнэн сорох дьон ыалдьалларын да билбэккэ сылдьыбыттара билиннэ. Быраастарга махталбыт муҥура суох. Өссө да күүтэбит үтүө санаалаах үрүҥ халааттаах аанньалларбытын.

Маны таһынан, социальнай үлэһит Наталья Никитина Хара-Уулаахтааҕы участковай балыыһа фельдшера Екатерина Никитина көмөтүнэн мобильнай биригээдэ нэһилиэккэ үлэтин түмүктээн, Таймылыырга көтөр күннэригэр быраастар икки ардыларыгар нэһилиэк кырдьаҕастарын ааттарыттан махталларын тиэрдэн, чөл олоҕу өрө тутан, сүүрүүгэ күрэх тэрийэн, сэмэй бэлэхтэри туттардылар.

Санатар эбит буоллахха, бу сыл олунньу ыйыттан “Мобильнай дуоктар” бырайыак Ил Дархан көҕүлээһининэн олоххо киирэн, «Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэлиир.

Александра Стручкова

Читайте дальше