Кулун тутар 21 күнүгэр Саха сиригэр Сылгыһыт күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн 2017 сыллаахха саха сылгытын өрө тутан сайыннарарга, дэлэтэргэ туһаайан Ил Дархан Егор Борисов ыйааҕынан олоххо киирбитэ.
2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, Булуҥ улууһун үрдүнэн 373 сылгы баара биллэр. Сылгы 65 %-а бааһынай хаһаайыстыбаларга, 35 %-а кэтэх хаһаайыстыбаларга турар. Сылгы иитиитинэн биэс хаһаайыстыба дьарыктанар. Ол курдук, Таймылыырга Александр Андросов салайааччылаах 66 төбөлөөх сылгы иитэр муниципальнай тэрилтэ уонна “Павлов Е.А.” бааһынай хаһаайыстыба бааллар, Хара-Уулахха “Алексеева Е.В.”, Бороҕоҥҥо “Никитин Р.А.”, Күһүүргэ “Корякин И.В.” бааһынай-фермерскай хаһаайыстыбалара, ону таһынан үс кэтэх хаһаайыстыба баар.
Сылгы баазата суоҕа атахтыыр
Бүгүн биһиги хаһыаппыт ыалдьыта, үлэни өрө туппут бааһынай-фермерскай хаһаайыстыба тэринэн, сылгы иитиитинэн дьарыктанар киһинэн биирдэстэрэ – кэрэ аҥар Екатерина Алексеева.
Ото-маһа суох муора кытыытыгар турар Хара-Уулаах нэһилиэгэр Екатерина Алексеева бааһынай хаһаайыстыбата сүүсчэкэ сылгы ииттэн көрөр-харайар.
Екатерина Владимировна сылгынан ылсан дьарыктаммыта 14-с сыла. Хара-Уулаах нэһилиэгэр чааһынай дьон сылгыларын бэйэтин илиитигэр ылан бааһынай хаһаайыстыба тэриммит. 2023 сыл от ыйынааҕы туругунан, хаһаайыстыбатыгар 123 төбөлөөх, онтон 37-тэ биэ, 13-һэ мииниллэр сылгы.
“Приморскай” муниципальнай тэрилтэни кытары бииргэ үлэлэһэр буолан, мииниллэр сылгыларын таба көрүүтүгэр тутталлар. Чугас сытар таба ыстаадаларыгар сылгынан айаннаан наадаларын ситиһэллэр. Элбэх сылгылаах хаһаайыстыбаны көрсөргө кэргэнэ уонна уола күүс көмө буолаллар, нэһилиэк дьонун кытта дуогабар түһэрсэн от оҕустарар.
“Сылгыларбыт Ньылгыбыйа диэн үрэххэ арыыттан арыыга сылдьан мэччийэллэр. Бэйэбит оттуурбутугар эмиэ оннук, мэччирэҥ сирбит суох буолан, үрэхтэри кэрийэ сылдьан оттуубут. От өттүүр көҥүллээбэт буолбуттара ыраатта, ол иһин от кэнникинэн үүммэт да буолла. Кыһын аҥаардас отунан эрэ аһылыктаабаппыт, эбиэс атыылаһан эбиискэлэнэбит.
Сылгы баазата суоҕа атахтыыр. Бааза туттаары сир ылан бэйэбитигэр суруйтарбыппыт да, билиҥҥитэ кыалла илик.
Судаарыстыбаттан көмө диэн – сылга биирдэ биэҕэ аҕыйах суумалаах субсидия көрүллэр, ол харчынан эбиэс уонна сылгыга наадалаах малы-салы атыылаһабыт», — диэн кэпсиир Екатерина Владимировна.
Екатерина бэйэтэ Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыттан төрүттээх, Хара-Уулаахха кийиит буолан сүктэн кэлбитэ ырааппыт. Кэргэнэ Владимир Алексеев үлэни өрө туппут нэһилиэк биир тутаах киһитинэн биллэр, табаны иитэр муниципальнай тэрилтэ салайааччыта.
Саха сылгыта барахсан бөҕөтө, тулуура, кыыбаҕата суох, бэйэтин бэйэтэ көрүнэн уһун кыһыны туоруур.
Ыарахан үлэттэн чаҕыйбат эдэр киһи
Өссө биир сылгы иитиитин баһылаабыт эдэр эрчимнээх сылгыһыт Егор Павлов буолар. Кини Түмэти нэһилиэгэр аҕатын туйаҕын хатаран бааһынай-фермерскай хаһаайыстыба тэринэн сылгы иитиитинэн дьарыктанан үлэлии-хамныы сылдьар. Түмэти – биир ураты кэрэ айылҕалаах дойду. Оройуон кииниттэн төһө да ыраах сыттар, манна олох эрэллээхтик салҕанар.
«Сылгы иитиитинэн 1992 сыллаахха аҕам Алексей Егорович Павлов ылсан саҕалаабыта. Сопхуос ыстаадалара ыһыллыан иннинэ, төрөппүттэрим тыһыынчанан таба ииттэн олорбуттара, кыһыннары-сайыннары дьоммун кытары ыстаадаҕа сылдьарым, оҕо сааһым онно ааспыта. Ол иһин да буолуо, биир сиргэ сатаан олорбоппун, туундарам, тыам диэки талаһабын. Оскуоланы бүтэрэн, аҕабар күүс-көмө буолбутум — сылгы көрсөрүм, балыктаһарым. Бу кэлин сылларга аҕам сааһыран, ыарытыйар буолан кини саҕалаабыт дьарыгын бэйэбэр ылбытым», — диэн кэпсиир эдэр фермер.
Егор Алексеевич билиҥҥитэ хаһаайыстыбатыгар отучча төбө сылгылаах, 175 тыһ. кв.м иэннээх сирдээх. Сылгылара чугас үрэхтэринэн, бааһыналарынан сылдьан мэччийэллэр, кыһынын эбиэс эбэн сиэтэр эбит.
«Сылгы улахан көрүүгэ наадыйбат. Бэйэтэ сылдьан аһын булунар. Сүрүнэ, кыһынын аһатарга, сайын өттүгэр үрэҕинэн, арыыларынан сылдьан оттуохха эрэ наада. Эбии аһылык эбиэс эбэн биэрэбин. Сылгыларбын бэйэм көрүнэбин. Бааһынаттан ырааппат буолан ыараханы үөскэппэттэр. Ол гынан баран, Түмэтигэ кэлиҥҥи кэмҥэ эһэ, бөрө элбээн, сылгыны тардан сиирэ элбээтэ», — диэн этэр Егор.
Кини тыа сирин үлэтиттэн чаҕыйбат, үлэтинэн бэйэтин кыаҕын көрдөрүөхтээҕин бэлиэтиир. Кэлин хаһаайыстыбатын кэҥэттэн таба атыылаһан ииттэр санаалаах. Бу баҕата туоларын үлэһит илии тиийбэтэ атахтыыр. «Эдэр дьон билигин табаҕа, балыкка сыстыбат буоллулар. Ыарахан усулуобуйаҕа ким да үлэлиэн баҕарбат, ыарырҕаталлар. Арай уолаттарым улаатан көмө киһи буолаллахтарына баҕа санаам туолуо», — диэн эрэллээх эдэр салайааччы.
Фермер сылгынан эрэ муҥурдаммат, Түмэтиттэн тэйиччи сытар сиргэ балыктыыр учаастактаах. Кыһынын быыс булан онно тиийэн балыктыыр.
Кэргэнинээн Анялыын икки уол оҕолоохтор. Эдэр ыал бэйэлэрин ис кыахтарынан олоҕу тэҥҥэ хардыылаһан, оҕолорун ийэ аҕа тапталынан, бэйэлэрин тус холобурдарыгар иитэллэр. Ыал ийэтэ Анна кэргэнин батыһан тыанан, туундаранан сылдьан өрүү күүс-көмө, өйөбүл буолар. «Уолаттарбын тыа олоҕор сыһыаран иитэбин, муус муустаһан, мас мастаһан, булка, балыкка өрүү илдьэ сылдьабын», — диир аҕа баһылык.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Светлана Корякина иһитиннэрбитинэн, сылга биирдэ тэриллиилээх хаһайыстыбаҕа биэҕэ 5000 солк. көмө харчы көрүллэр. “Хас биирдии хаһаайыстыбаҕа бачча от оттонуллуохтаах диэн былаан туруораллар. Ол эрээри айылҕа араас көһүтүллүбэтэх өттүттэн дьайыылара нуорма оту булууга күчүмэҕэйдэри үөскэтиэн сөп”, — диир исписэлиис.
Ити курдук буурҕалаах Булуҥҥа бааһынай хаһаайыстыба тэринэн сылгы иитиитинэн күүскэ ылсан таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан биһириэххэ эрэ сөп. Сылгыһыттарбыт үөр турарыгар үчүгэй хаачыстыбалаах дал туттахтарына улууспутугар Саха сирин мааны кыыла өссө элбиэ турдаҕа.
Я. Иванова