Ууттан сэрэхтээх буоларгытын умнумаҥ

Хоту сиргэ сайын кэлиитэ олус күүтүүлээх, үөрүүлээх. Ордук оҕо-аймах итии күннэртэн үөрэр. Маннык күннэргэ сылаас ууга сөтүөлээн сөрүүкүүртэн ордук туох баар буолуой? Ол эрээри оройуоммутугар анал оҥоһуулаах сөтүөлүүр сир суоҕа харгыс үөскэтэр.

Оройуон киинигэр элбэх көлүөнэ оҕо сөтүөлээн сөрүүкээбит сирэ Тарабаат буолар, маны таһынан дьон карьердарга сөбүлээн сынньаналлар. Бу этиллибит сирдэр анал ирдэбилгэ эппиэттээбэттэр, онон манна сөтүөлүүр бобуллар. Ону сэрэтэн тустаах сулууспаларынан анал аншлагтар туруоруллаллар, биллэриилэр ыйаналлар. Бу мээнэҕэ буолбатах, дириҥ чүөмпэлэргэ сэрэҕэ суох быһыыттан дьон олоҕо быстар, ол иһигэр оҕолор. Нэһилиэнньэни сэрэтэр соруктаах анал сулууспалар, хамыыһыйалар бу күннэргэ уу обьектарын кэрийэн аншлагтары бэрэбиэркэлээтилэр. Хомойуох иһин, сорох сирдэргэ тустаах сэрэтэр иһитиннэриилэри быдьар тылларынан буортулаабыттар, сотон-хараардан кэбиспиттэр. Дьэ сололоох дьон диэтэҕиҥ, биһиги ортобутугар маннык культурата суох, мөлтөх иитиилээх дьон бааллара хомолтолоох. Иитии-сэрэтии үлэтэ итинник ньүдьү-балай дьон баар буолан атахтанар. Анал сулууспалар сэрэтэр-харыстыыр үлэлэрин сыаналыаҕыҥ, ити барыта дьон олоҕун туһугар оҥоһулларын өйдүөҕүҥ. Ууттан сэрэхтээх буоларгытын умнумаҥ, сайыҥҥы күннэрбит дьоллоох эрэ түгэннэри бэлэхтээтиннэр.