Күһүҥҥү чуумпуран турбут

Ыраас халлааҥҥа

Ыһыллан, барыһан

Тоҕуорустулар хара былыттар.

Эмискэ омурдун төлөрүтэн

Сиргэ түһэн тэйиэккэлээн,

Үргүбүт үөр туллук кэриэтэ

Тамайар үөр табалыы

Үргэҥниир-бурҕаҥныыр.

Ийэ сир кэрэ көстүүтэ

Айылҕам биир дьикти түгэнэ

Алтан күһүн халбарыйыыта

Көмүс күһүн бүтүүтэ

Кылбаарар тобурах үҥкүүтэ.

Сирбит киэҥ нэлэмэн иэдэһин

Эмискэ соһуччу толордо

Дойдубут ньуурун туртатта.

Турабын дьиибэргээн, сүөлүргээн,

Дуоһуйа-долгуйа көрөбүн

Тобурах дьиэрэҥкэй үнкүүтүн

Кыһын иһэр бэлиэтин

Кэтэһии дьиктилээх түгэнин.

Василий Иванович Бурцев

Читайте дальше