Тиксии олохтоохторо, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, сэтинньи 29 күнүгэр Олоҥхо дьыктааныгар кыттыыны ыллылар. Тэрээһин оройуоннааҕы кииннэммит бибилиэтиэкэ ааҕар саалатыгар ыытылынна.
Тэрээһиҥҥэ барыта 11 киһи кыттыыны ылан Платон Алексеевич Ойуунускай “Дьурулуйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан быһа тардыыны суруйдулар. Дьыктааны хааччыйыы отделын ыытааччы бибилэтиэкэрэ Вуталина Стручкова дорҕоонноохтук ааҕан суруйтарда.
Дьыктааҥҥа култуура, үөрэҕирии, хаһыат, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, оскуола оҕолоро, ону тэҥэ 74 саастаах Лидия Михайловна Тогуллахова кыттыыны ылан билиилэрин хаҥаттылар. “Маннык тэрээһин Саха сирин олохтоохторугар олоҥхоҕо интэриэһи тардыы, айар дьоҕуру сайыннарыы, билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах ыытыллар” – диэн бэлиэтээтэ хааччыйыы отделын кылаабынай бибилэтиэкэрэ Людмила Корякина.
Кини Олоҥхо дьыктааныгар оскуола оҕолоро кыттыыны ылбыттарыттан олуһун диэн астынна уонна махталын биллэрдэ. «Олоҥхобут, сахабыт тыла тыыннаах уонна көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, сүппэт суолталаах эбит», — диэн астыммытын биллэрдэ Людмила Михайловна.
Дьыктаан түмүгүнэн “Үчүгэй суруксут” ааты биэс киһи ылла, “Бастыҥ суруксутунан” түөрт киһи буоллулар, онтон “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” (“Туйгун суруксут”) аат Виктория Самойловаҕа иҥэрилиннэ. Кыттыыны ылбыт дьоҥҥо барыларыгар туоһу сурук туттарылынна.
Тэрээһини бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Вуталина Стручкова, Людмила Корякина уонна Надежда Апросимова тэрийэн ыыттылар.
Намыы олохтоохторо эмиэ онтон хаалсыбатылар. Олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ Светлана Горохова иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 28 күнүгэр, бороҕоттор Олоҥхо күнүн бэлиэтээн дьыктаан суруйдулар. Тэрээһиҥҥэ барыта 20 киһи кыттыыны ылла. Бу кыра дэриэбинэҕэ улахан ситиһии.
Дьыктааны лоп-бааччы ааҕан Светлана Горохова суруйтарда.
Дьыктаан түмүгүнэн кыттааччыларга туоһу сурук туттарылынна.
Я. Иванова