Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө олунньу 23 күнүгэр Таймылыыр «Үҥкээбил» этнокултуурнай киинигэр тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы байыаннай-патриотическай күрэх буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ уопсайа түөрт хамаанда илин-кэлин түһүстэ.
Хас биирдии хамаанда музыкальнай уонна эҕэрдэ нүөмэрдэри бэлэмнээбиттэр, аармыйаҕа сыһыаннаах таайбараҥнары таайдылар, ону таһынан араас тургутуктарга бэйэлэрин кыахтарын холонон көрдүлэр. Холобура, куул иһигэр киирэн ыстаныы, теннисный мээчиги луоскаҕа ууран сууруу, мячиги атахтарыгар кыбынан ыстаныы.
Бары түһүмэх түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан үһүс миэстэҕэ «Патриот» хамаанда тигистэ, иккис миэстэни «Морская пехота» хамаанда ылла, онтон муҥутуур кыайыылааҕынан «Снежный барс» хамаандата таҕыста.
Ити курдук, дьоһун-бэлиэ бырааһынньыгы олохтоохтор астынан, дуоһуйан, хамаандаларга ыалдьан, истиҥник үөрэн-көтөн умнуллубат күнү атааран, бэлиэтээтээтилэр.
Күрэх эдэр ыччаты патриотическай тыыҥҥа уһуйуу, төрөөбүт дойдутун харыстыыр, кѳмүскүүр патриот ыччаты иитэн таhаарар сыаллаах ыытылынна.
Бэйэ кэр.