Сэтинньи 3 күнүгэр «Кэскил» этнокультурнай кииҥҥэ 19-с нүөмэрдээх этнографическай дьыктаан былассаакката үлэлээтэ.
Этнокультурнай киин дириэктэрэ Анатолий Ачикасов иһитиннэрбитинэн, дьыктааҥҥа уопсайа 15 киһи кыттыыны ылла.
«Биһиги, кыра нэһилиэктэр, маннык тэрээһиннэргэ кыттыыны ыларбытын олус астынабыт. Нэһилиэк дьоно тэрээһиҥҥэ үөрүүнэн кыттар. Быйыл дьыктааҥҥа 15 улахан киһи кэлэн анал тест толордо, олортон саамай саастаахтара — 64-тээх, саамай эдэр кыттааччы 24-дэ», — диэн Анатолий Гаврильевич үөрүүтүн үллэһиннэ.
Бэйэ. кэр.