Ол курдук, кинилэр саастаах, соҕотох олорор кырдьаҕастарга, элбэх оҕолоох ийэлэргэ —Кривошапкина Зоя Ивановнаҕа, Смирнова Галина Васильевнаҕа, Винокурова Мария Егоровнаҕа, Парникова Марта Васильевнаҕа, Самойлова Ирина Александровнаҕа — өйөбүл-көмө буолан, муус ылан тиэйэн биэрдилэр.
«Тыа дьоно күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар ыарахаттары көрсөр, оттон саастаах, кырдьаҕас, соҕотох ийэҕэ үс төгүл ыарахан. Биһиги, Сииктээх эдэр ыччата, онно туора турбакка кинилэргэ көмө буолуу биир инники турар сорукпут буолар«, — диир Анатолий Ачикасов.