Сарсын тиксиилэр сахалыы дьыктааны суруйуохтара

Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн Тиксиитээҕи бибилэтиэкэ олунньу 17 күнүгэр “Сахалыы дьыктаан” аахсыйаҕа Тиксии олохтоохторун уонна ыалдьыттарын көхтөөхтүк кыттарга ыҥырар.

Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бэлиэтээн этэллэринэн, быйыл бу аахсыйа тэриллибитэ 10 сыла буолар, иннэ сиэттэрэн үлэһиттэр суруйа кэлэр дьону сахалыы таҥнан-симэнэн кэлэллэригэр ыҥыраллар.

Аахсыйа саха тылыгар дьон болҕомтотун тардыыга, сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин олохсутарга, иҥэрэр сыаллаах  ыытыллар.

Хас биирдии кыттааччыга сэртипикээт, оттон бастыҥнарга дипломнар туттарыллыахтара, диэн чопчулууллар бибилэтиэкэрдэр.

Сахалыы дьыктаан былассаакката: КБО дьиэтэ, 3 этээс, Тиксиитээҕи бибилэтиэкэ ааҕар саалата. Бириэмэтэ: 15.00 ч.

Александра Стручкова,

хаартыска эрэдээксийэ архыыбыттан

Читайте дальше