Ол курдук, Бороҕоннооҕу бибилэтиэкэ үлэһитэ Светлана Горохова оскуола оҕолоругар «Олонхо — биһиги биһикпит» диэн ааттаан олонхо туһунан кэпсэтиини ыыта, бу туһунан этнокултуурнай киин дириэктэрэ Ирина Бурцева иһитиннэрдэ.
Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьону Нарияна Попова хомуска оонньоон эҕэрдэлээтэ, ону тэҥэ оҕолорго анаан ааҕыы күрэҕэ ыытылынна.
«Олоҥхо ыччаты күүстээх ыччаты күүстээх, дьулуурдаах буоларга, сиэри-туому тутуһарга үөрэтэр. Ол иһин алтынньы 25 күнүгэр оҕолорго анаан бу тэрээһини ыыттыбыт. Тэрээһин иһинэн оҕолорго «Олоҥхо алыптаах эйгэтэ» диэн ааҕыы күрэҕэ буолан ааста, ону тэҥэ Олонхо туһунан кинигэ быыстапката турда. Оҕолор тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ылан, Олоҥхо туһунан элбэҕи билэн сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ» — диэн кэпсээтэ Ирина Алексеевна.
Инникитин бу тэрээһин сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйуо диэн эрэнэбит.