Тиксии олохтооҕо Наталья Захарова Буурҕалаах Булуҥҥа сирдьит сулус буолар олохтоох «Маяк Арктики» хаһыакка техническэй эрэдээктэринэн үлэлээбитэ 29 сылын туолла. Бу сыллар тухары Наталья Николаевна буурҕа түстүн, күн киирдин, хаһыатын биирдэ да быспакка таһааран кэллэ. Улууска интэриниэт быстар мөлтөх буолан, олохтоохтор сонуну-нуомаһы, интэриэһинэй кэпсээни сүрүннээн «Маяк Арктики» хаһыаттан ааҕан билэллэр. Онон үлэһиттэргэ хас да бүк үрдүк эппиэтинэс сүгүллэр.
Наталья Захарова хаһыакка 1995 сыллаахха сэкирэтээр–машиниһынан үлэлии киирбитэ. Ол күнтэн ыла күн бүгүҥҥэ диэри үтүө суобастаахтык айа-тута сылдьар. Оччотооҕуга хаһыат нэдиэлэҕэ үстэ тыһыынчаттан тахса экземплярынан тахсара. Билигин «Маяк Арктики» таһаарыы электроннай ситимнэри баһылыыр.
«Урукку сылларга хаһыат икки тылынан тахсара. Үлэбин сахалыы таһаарыыга саҕалаабытым. Тылбаасчыппыт Николай Винокуров нууччалыы тиэкси тута сахалыы тылбаастаан ааҕара, ону мин эргэ массыыҥкаҕа бэчээттиирим. Ол кэннэ корректор бэрэбиэркэлиирэ. Салгыы эппиэттиир сэкирэтээр матырыйаалы хомуйан макет оҥороро, уруһуйдуура, сириибин ыйара уонна типографияҕа ыытара. 2000 сыллар саҕаланыыта типографиябыт сабыллыбыта, онуоха дупликатор атыыласпыппыт. Ол тэрилбитин ким да сатаабата, эгэ, компьютеры сатыахпыт дуо? Онтон дьэ бука бары үөрэнэн, дупликаторга иккиэ буолан бэйэбит таҥмыт хаһыаппытын бастакытын таһаарбыппыт. Түөрт балаһалаах А4 форматтаах хаһыаты таһаараары түүн 24 чааска диэри олорооччубут», — диэн Наталья Николаевна ахтар.
Эдэр үлэһити ким да анаан-минээн такайбатаҕын үрдүнэн, тиэкси бэчээттииргэ, хаһыаты таҥарга, кэлин араас графическай дизайн бырагыраамаларынан туттарга бэйэтэ үөрэммитэ. Ону таһынан Наталья Николаевна хаһыакка суруйар. Нэһилиэктэри кытта ыкса үлэлиир. Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр: бибилэтиэкэ, кулууп үлэһиттэрэ сонуннарын Наталья Николаевнаҕа тиһигин быспакка тиэрдэ, ыыта олороллор. Бэйэтэ култуура, туруу үлэһит, талааннаах дьон туһунан сырдатарын сөбүлүүр. Саастаах өттүлэригэр анаан сахалыы суруйарга дьулуһар.
«2000 сыллар саҥаларыгар Күһүүргэ Тогуллахова Лидия Михайловна диэн сонуну тиэрдээччилээх этибит. Өр кэмнэр устата төлөпүөнүнэн эрийэн нэһилиэк сонунун кэпсиирэ, ону истэн олорон сурунан ылааччыбыт. Лидия Михайловнабыт кэлин биэнсийэҕэ тахсан, сааһыран эрийбэт буолбута быданнаата», — Наталья кэпсиир.
Кини үлэлиирин тухары хаһыакка сэттэ кылаабынай эрэдээктэр уларыйбыт. Галина Ачикасова, Лидия Сибирякова, Надежда Онушко, Полина Николаева курдук эрэдээктэрдэри кытта үлэлээбит сылларын Наталья Николаевна истиҥник ахтар.
«Урут хаһыаппыт төрөөбүт күнүнэн 1938 сыл ыам ыйын 6 чыыһылатын билинэрбит. Онуоха Галина Ачикасова хаһыаты салайа сылдьан, Дьокуускайга архыыбы хасыһан, үөрэтэн, муус устар ыйыгар эбит диэн уларыппыта. Онтон 90-с сылларга ыһыллыы кэмигэр Надежда Онушко диэн эрэдээктэрбит киириилээх-тахсыылаах буолан хамнаспытын туруорсан, үлэбит куруук төлөнөрө. Уопсайынан хаһыаты эргиччи айар талааннаах, үлэһит, сытыы-хотуу дьон салайбыттара. Билиҥҥи сүрүн эрэдээктэрбит Артем Сергеевич Ослопов эмиэ сурутуу өттүгэр күүскэ үлэлэһэр. Ону тэҥэ, интэриниэппит мөлтөх да буоллар, саайпыт көрдөрүүтэ үчүгэй», — диэн биир идэлээхпит этэр.
Буурҕалаах Булуҥ улууһа диэн дэлэҕэ ааттаныа дуо, кыһын буурҕа, силлиэ силбиэтэннин, хаһыат булгуччу тахсар. Оннук өй-санаа урут-уруккаттан олоҕурбут диэн Наталья кэпсиир.
«Үс сыллааҕыта эҥин бырааһынньыкка эбэтэр өрөбүлгэ үлэбитигэр хайаан да кэлэрбит. Бу кэлин эрэ Саҥа дьыл кэннэ сынньалаҥ күннэригэр өрүүр идэлэннибит. Урут эрэдээксийэ дьиэтэ бөһүөлэк кытыытыгар баара. Оччолорго биир кэмҥэ «Сахаэнерго» тэрилтэ хаһыаты бэйэтин аннынан ылан, биһигини, эрэдээксийэ үлэһиттэрин оптуобуһунан тиэйэр буола сылдьыбыта. Ону тэҥэ кэргэним эмиэ үлэбэр таһааччы. Сурутуу ахсаана оннунан, нэһилиэктэргэ кыһынын хаһыаппытын массыынанан, сайынын теплоходунан ыытабыт. Мин саныахпар, биһиэхэ интэриниэт бытаан сиригэр кумааҕы хаһыат оруола сүҥкэн. Хаһыат син биир докумуон, история кэриэтэ буоллаҕа. Холобура, саайт сүтэн хаалар түгэннээх. Онтон хаһыат куруук баар, биһиги эргин сонуну киэҥник тарҕатааччы кини буолар. Мин үлэбэр бырааһынньыкка курдук кэлэбин, хаһыаты таҥыыттан, матырыйаал суруйууттан, дьону кытта алтыһыыттан дуоһуйабын. Отучча сыл кэриэтэ биир сиргэ бэриниилээх буолуум кистэлэҥэ — үлэҕэ таптал”, — диэн Наталья Захарова кэпсээнин түмүктүүр.
Елизавета Васильева
Эвелина Попова хаартыскаҕа түһэриилэрэ