Бэҕэһээ, сэтинньи 4 күнүгэр Намыы сэлиэнньэтин Омолой этнокултуурунай киинигэр Сомоҕолоһуу уонна Арассыыйатааҕы искусство киэһэтигэр аналлаах тэрээһин бэркэ табыллан интириэһинэйдик ааста.
Сомоҕолоһуу күнүн көрсө нэһилиэк асчыт кэрэ аҥардара араас омук аһын астаан мустубут дьону күндүлээтилэр, ханнык омук аһа буоларын, туохтан оҥоһулларын сиһилии кэпсээтилэр.
Холобура, Ульяна Ивановна Бурцева адыгейский сыр, молочно- кукурузнай миин, Бурфи диэн Индия омук минньигэс аһын астаан аҕалбыт, онтон Светлана Николаевна Горохова эбэҥкилэр балыктаах алаадьыларын, Василина Васильевна Никонова итальянецтар пиццаларын, карбонара пастатын, брускетын; Раиса Афанасьевна Стручкова ийэтин рецебынан кус миинин уонна барча буһарбыт; Мегежекский Евгений Алексеевич хотулар минньигэс туустаах балыктарын аҕалбыт, онтон Раиса Викторовна Находкина бүрээттэр мантыларын оҥорон аҕалла. Ону таһынан Татьяна Николаевна Никитина тоҥ балыгынан мустубут дьону күндүлээтэ.
Олохтоохтор бу тэрээһиҥҥэ бибилэтиэкэ үлэтин туһунан билистилэр. Ол курдук, билиэтиэкэ үлэһитэ Светлана Горохова Бастакы кинигэ туһунан видеопрезентация көрдөрөн кэпсээтэ, кинигэ быыстапкатын тэрийдэ.
Ол кэннэ норуот маастара Мария Семеновна Корякина харысхал араас көрүҥнэрин көрдөрдө, хайдах оҥоһулларын кэпсээтэ уонна баҕалаахтары косоплетка харысхал оҥорорго үөрэттэ.
Биэчэри оскуола оҕолоро бибилэтиэкэ туһунан дорҕоонноохтук хоһоон ааҕан киэргэттилэр.
Салгыы олохтоох мелодист, элбэх ырыа ааптара Лариса Стручкова-Тыал кыыһа мустубут дьоҥҥо иэйии хайдах киирэрин туһунан кэпсээтэ, «Мин эбэм диэн» диэн эбэтин туһунан видеоклип көрдөрдө уонна саҥа ырыатын билиһиннэрдэ, итиэннэ ахсынньыга буолар айар киэһэтигэр ыҥырда.
Тэрээһини бибилэтиэкэ үлэһитэ уонна этнокултуурнай киин үлэһиттэрэ тэрийэн ыыттылар.
Ити курдук олохтоохтор Доҕордоһуу киэһэтин күлэн-үөрэн, үҥкүүлээн, араас омук аһын аһаан түмүктээтилэр.
Я. Иванова