Намыыга Сомоҕолоһуу күнүгэр «В дружбе народов – единство» кэнсиэр буолан ааста

Намыы нэһилиэгэр Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах бырааһынньыктааҕы «В дружбе народов – единство» эҕэрдэ кэнсиэр үрдүк таһымҥа ааста.

Дьоро киэһэҕэ нэһилиэк түөрт түөлбэтэ кыттыыны ылла, хас биирдиитэ үстүү нүөмэр бэлэх уунна.

Араас омук үҥкүүлэрин, ырыаларын, сценка, муода нүөмэрдэри толорон, көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр, үөртүлэр.

Кэнсиэр «Ким тумсуулээх,ол кыайыылаах» девиһынан ааста. Бэтэрээннэр кыттыбыттара тэрээһин таһымын өссө үрдэттэ.

Кэнсиэри кэрэ куолаһынан иилээн-саҕалаан ыытта Сандаара Тобонова.

Кулуупка дьон-аймах тоҕуоруһа  муһунна.

Киирии билиэтинэн бырааһынньыктааҕы «День народного единства» торт  оонньонно. Кыаайыылааҕынан 7 кылаас үөрэнээччитэ Алан Стручков ааттанна.

Бырааһынньыгы тэрийсибит түөлбэ салайааччыларыгар – Стручкова С.В., Стручкова М.Д., Аммосова М.Н.,Колесова Э.Ю. – махтар сурук туттарылынна.

Кэлбит ыалдьыттар, көрөөччүлэр кэнсэртэн үөрэн-көтөн, дуоһуйан тарҕастылар.

Читайте дальше