Сэтинньи 17 күнүгэр «Омолой» култуура киинигэр, Бороҕон нэһилиэгин дьаһалтата биллэрэринэн, кэлэр 2024 сылга “Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа” (ППМИ-2024) киирэр бырайыактары талар нэһилиэк уопсай мунньаҕа буолан ааста.
Мунньаҕы нэһилиэк баһылыга Вера Стручкова иилээн-саҕалаан ыытта. Вера Михайловна мустубут дьоҥҥо бырагыраама туһунан кэпсээтэ, олорор дойдубут тупсарын туһугар туора турбакка, бары көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥырда.
Хас биирдии талыллар бырайыагы нэһилиэк баһылыга мустубут дьон дьүүлүгэр ырытан кэпсээтэ. Бырайыак талар ыйытыкка үс бырайыак көрүлүннэ: «Ыһыах түһүлгэтин саҥардар үлэлэр”, “Омолой үрэх биэрэгин бөҕөргөтүү”, “Бөһүөлэк иһинээҕи суолу өрөмүөннээһин”.
Бырайыакка көрүллэр харчы уопсай сууматыттан 3 быраһыанын олохтоохтор бэйэлэрэ хардары үбүлүөхтээхтэр, иннэ гынан мунньахха ыалтан харчы хомуйуу боппуруоһа эмиэ быһаарылынна. Ону таһынан, мустубут дьон көҕүлүүр бөлөҕү таллылар.
“Мунньах кыттыылаахтара эһиилги сылга ППМИ – 2024 куонкуруһугар туруорсар бырайыактарын тула кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кытыннылар. Мунньах түмүгүнэн «Бөһүөлэк иһинээҕи суолу өрөмүөннээһин» бырайыак наадалааҕын мустубут дьон быһаардылар. Инникитин да эрэнэбит – нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ дойдубут сайдыытыгар көмөлөһө туруохтара!», — диэн Бороҕон нэһилиэгин дьаһалтата чопчулуур.
Бэлиэтээн эттэххэ, Россия президенэ Владимир Путин бэйэни салайыныы боппуруостарыгар олохтоох дьон санаата, кыттыыта олус диэн суолталааҕын бэлиэтээбитэ.
Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама өрөспүүбүлүкэҕэ 2017 сылтан үлэлиир, бу кэм иһигэр үгүс нэһилиэк биллэрдик тупсубута көстөр.
«Бырагыраама көмөтүнэн олохтоохтор бэйэлэрэ наадалаах бырайыактары талаллар – суолу өрөмүөннээһини, споративнай, оҕо былаһааккаларын тутууну, пааматынньыктары, эбийиэктэри чөлүгэр түһэриини, о.д.а.”, – диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эппитэ.
Александра Стручкова