Ахсынньы 1 күнүгэр Саха сирин үрдүнэн Сана дьыллааҕы харыйалар уоттара «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстэбээл чэрчитинэн күлүмнүү умайдылар.
Бу күн Булуҥ улууһун Күһүүр нэһилиэгэр Саҥа дьыллааҕы күөх харыйа дьэрэкээн уотун уматар тэрээһиҥҥэ үгүс киһи, оҕо-аймах муһунна.
Тымныы Моруос оҕонньор Хаарчааналыын мустубут дьону кэлэн иһэр Саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр, мустубут дьону кытта бииргэ харыйа уотун уматтылар.
Бырааһынньыкка кэлбит дьону тэрийээччилэр – «Чолбондор» култуура киинин үлэһиттэрэ – ас маанытынан тоҥ балыгынан күндүлээтилэр.
Дьиримниир уоттаах күөх харыйа тула кыралыын улаханныын мустубут дьон Тымныы Моруос оҕонньордуун, Хаарчааналыын хоробуоттаан, үөрэн-көтөн дьиэлэригэр тарҕастылар.
Бэлиэтээн эттэххэ, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл тэрээһиннэрэ сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 3 күнүгэр диэри ыытыллаллар. Бэстэбээл иитинэн Күһүүргэ оҕолорго анаммыт “Кыһын мин бөһүөлэкпэр” уруһуй күрэҕэ, “Ниже нуля” фотомарафон, хаалыктаах хаамыы сүгүрүйээччилэрин “Зиму осилит идущий” кулууба арыллыыта, «Сылаас тыыннах өбүгэ таҥаһа” дефиле былааннаммыттара.
Александра Стручкова