Үөрэниэххэ, үүнүөххэ үчүгэй да дойду,
Үчүгэй да дойду, Өлүөнэ эбэкэм.
Мин үлэ үөрүүтүн, мин олох күндүтүн
Билбитим чэлгийэр бу кытыл сирдэрбэр…
Семен Данилов
Бары билэрбит курдук, от ыйын 2 күнүгэр Өлүөнэ өрүс күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн 2013 сыллаахха айылҕабыт биир дьикти баайын харыстааһыҥҥа дьон болҕомтотун тардарга ананан тэриллибитэ.
Өлүөнэ өрүс Аан дойдуга саамай улахан өрүстэр ахсааннарыгар киирсэр. Кини Россияҕа Обь уонна Енисей кэнниттэн уһунунан үһүс миэстэҕэ турар.
Бүгүн, от ыйын 2 күнүгэр, Намыы сэлиэнньэтин оскуола иһинэн «Чэбдик» лааҕырын оҕолоро уонна «Омолой» этнокультурнай киин үлэһиттэрэ Өлүөнэ өрүс күнүн бэлиэтээтилэр.
Бу күн оҕолорго араас тэрээһин буолан ааста. Ол курдук оҕолор Өлүөнэ өрүс туһунан элбэҕи саҥаны биллилэр-көрдүлэр, билиилэрин тургутан көрдүлэр, ыйытыкка хоруй биэрдилэр.