Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах “Бастыҥ национальнай култуура муннуга” күрэх Бороҕон орто оскуолатыгар буолан ааста. Ону тэҥэ атыы-эргиэн дьаарбаҥката ыытылынна.
Дьоһун тэрээһиҥҥэ оҕолор бэлэмнэммитттэрэ номнуо ырааппыт. Ол курдук, кылаас кылааһынан сэрэбиэй түмүгүнэн араас омук таҥаһын-сабын кэтэн, ырыаларын-тойуктарын толорон, кинилэр национальнай астарын остуолларыгар тардан, оонньурдарын, малларын-салларын быыстапкаҕа туруоран, хаартыскаҕа түһэр зона оҥорон, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин оскуола оҕолоро ылыахтарын ыллылар.Тэрийээччилэр чопчулаабыттарынан, тэрээһин төрөппүттэр күүс-көмө, өйөбүл буолбуттарыттан үрдүк таһымҥа ааспыт, дьаарбаҥкаҕа киирбит хаччы көмө быһыытынан анал байыаннай эпирээссийэ кыттыылааҕар тиэрдиллиэ.
“Олус үчүгэйдик оскуолаҕа бириэмэбитин атаардыбыт. Манна узбек, калмык, татаар, чечен, башкир, чуваш, армян, бурят, адыгеец, аварец, удмурт омуктар култуураларын кытта билсиэххэ сөп этэ. Оҕолор, төрөппүттэр, дьиэ кэргэн бары наһаа кыһанан-мүһэнэн бу тэрээһиҥҥэ бэлэмнэммиттэрин хайҕыы көрдүбүт. Ону таһынан ас-үөл дьаарбаҥката буолан, дьиэбитигэр тутуурдаах тарҕастыбыт. Киирбит хаччы көмөҕө барарын сэргии иһиттибит», — диэн Намыы олохтоохторо сонуннарын үллэстэллэр.
Александра Стручкова