Саха сиригэр быйылгы сыл Үлэ сылынан биллэриллибитэ. Бу күннэргэ хаһыаппыт эрэдээксийэтигэр 87-с хаарыгар үктэммит ытык кырдьаҕас, Бороҕон нэһилиэгин олохтооҕо Афанасий Романович Горохов киирэн, олоҕун-дьаһаҕын, суолун-ииһин туһунан ахтыы суруйбутун халларан барда.
Афанасий Романович “Арктика Майааҕа” хаһыакка, өссө Күһүүр улуус киинэ эрдэҕинээҕи кэмҥэ, типографияҕа үлэлээн кэлбит эбит. Онтон оройуон киинэ Тиксиигэ кэлбитин кэннэ, хаһыакка элбэх сыл олох-дьаһах, үлэ-үөрэх туһунан ыстатыйалары биэрэрэ. Бу да сырыыга кини илии тутуурдаах эрэдээксийэҕэ кэллэ – олоҕун-дьаһаҕын, суолун-ииһин туһунан ахтыы суруйбутун халларан барда.
— 1941 сыллаахха ийэлээх аҕабыт Бороҕонтон түөрт көс ыраах сиргэ сайын субан сүөһүнү көрөллөр этэ. Арай биирдэ от ыйыгар холкуостан аҕабытыгар сурук ыыппыттар: «эһиэхэ көрөр сүөһүбүтүгэр биир көлүллэргэ үөрэҕэ суох оҕус тыһаҕас баар, ону манна окко көлүнэргэ аҕала оҕус». — диэбиттэр. Ону ол күн үөрэҕэ суох тыһаҕаһы муннун үүттээн, кыратык сиэтэ түһэн баран, атыгар холбонон илдьээри туран, аҕам ийэбэр эттэ: “Икки хонон баран кэлиэм, — диэтэ, уонна биһиэхэ, оҕолорго — Кэлиэм тухары түптэҕитин дьаһайан көрүҥ-истиҥ». Оччолорго убайым 6-7 сааһа этэ, мин – 4-5. Иннэ диэн баран, улахан күөлү эргийэ бара турбута. Биһиги бэйэбит хаалан баран ийэбитигэр көмөлөһүү бөҕө, аҕабыт кэлиэ диэн көһүт да көһүт. Уонча хонон баран биир сарсыарда эрдэ баҕайы икки аттаах дьон кэллилэр. Мин көрдөхпүнэ аҕам суох. Ийэм тугу эрэ ыйытта аҕам туһунан, уонна сонно ытаабытынан барда. Убайым тугу эппиттэрин истээт, таһырдьа ыстанна. Мин кыра буолан, туох буолбутун өйдөөбөккө, убайбын батыстым. Убайым дьиэбит сабараанньатыгар ытыы олорор эбит. Мун туран аҕабыт хаһан кэлэр үһү диэн ыйыттым. Ону кини аны кэлбэт диэтэ. Мин ону истээт, дьиэҕэ киирдим. Ийэм миигин кууһан баран: “Аҕаҥ куһаҕан буолбут”, — диэтэ. — Кэлбэт, ууга түспүт”. Убайым дьиэ таһыттан киирдэ, бары ытаспытынан бардыбыт. Тыллыы кэлбит дьоммут, икки киһи, туймарыйдахтара буолуо, таһырдьа тахсан бардылар. Өйбүтүн-төйбүтүн булан ийэбититтэн иһиттибит. Бөһүөлэккэ дылы биһиги Мэндирдээх учаастакка баарбыт. Аара айан суолугар икки үрэх баар. Ол аҕам барарыгар биир үрэх уута кэлэн турар эбит. Онно кэлбит да, акка оҕуһун сиэппитинэн ууга түспүт. Өлүгүн көрдьөөн кыайан булбатахтар. Үрэх уута буордаах, улахана бэрт үһү.
Онтон ыла биһиэхэ аҕабытын аһыйыы, сэрии ыар сылларын этэҥҥэ туораан, билигин аҕыс уон сэттэбэр сылдьабын. Убайым тоҕус уонугар Мэҥэ-Хаҥаласка оҕолоругар олорор.
Үлэ диэн киһиэхэ дьол тосхойуута, ыра санаа туолуутугар төһүү күүс
Ол саҕана “Кыһыл сулус” диэн Бороҕон нэһилиэгэр, 1933 сылга дуу, холкуос баара. Онно холкуоска олохтоох дьон оҕолорун 12 саастарыттан сайын окко ыраах учаастакка биригээдэҕэ холбуу ыыталлара. Урут оскуола кыра кылаастара ыам ыйын 15 күнүгэр бүтээччилэр. Онно оскуола, интернат кыһын оттор маһын саһаанната палатканнан эбэтэр таба тирритэ тордоххо таһаараллара. Оҕолор кыра саастарыттан, уон иккилэриттэн, үлэҕэ үөрэнэллэрэ. Оччолорго үлэҕэ уһуйуллан, үлэ бөҕөтүн көрсөн, бу сааспар тиийэ кэллэҕим.
Оскуоланы сэттэ кылааһы бүтэрэн баран, кыһын дьаамҥа (урут почтаны, аһы-таҥаһы, араас малы) ыраах Күһүүртэн, Хара-Уулаахтан табаннан бэдэрээт диэн ааттаан биирдии киэһэх уоннуу сыарҕаны табан биэрэн, түөрт эр бэртэрин талан үлэлэтэллэрэ. Бороҕонтон Хара-Уулаахха дылы биэс дьаам баара. Онно Өлүгээн диэн почта дьаамыгар кыһын бостуугунан үлэлээбитим. Түүн буоллун, күнүс буоллун почтаны хонноро-өрөтө сытыллыбат этэ. Көрөр табаны баар оҥоруу улахан суолталаах этэ. Онно үлэлээбитим. Табаны көлүйэри, уучаҕы миинэргэ үөрэммитим.
Кэлин сылларга ыстаадаҕа өр кэм үлэлээбитим. Булуҥ улууһугар, Саха сиригэр биллэр чулуу биригэдиирдэри кытта үлэлээбитим: Слепцов Данил Васильевич, Горохов Егор Иннокентьевич, Горохов Иван, Стручков Спиридон Иванович, Горохов Николай Николаевич, Старостин Василий Иванович, Старостин Семен Иванович уо.д.а.
Онтон ыччат комсомольскай ыстаадатыгар үлэлээбиппит: Слепцов Николай Иванович, Слепцов Егор Николаевич, Рожин Дмитрий, Слепцова Маргарита Семеновна, Надежда Ивановна (комсомольскай путевканан соҕуруу оройуонтан кэлбитэ) уонна мин, биригэдьиирбит – Слепцов Константин Семенович. Табаны үөскэтэн улахан ситиһиини толортоон Саха сирин комсомольскай тэрилтэтиттэн хайҕал сурук, элбэх подарок кэлбитэ уонна барыбытыгар “Ударник коммунистического труда” үрдүк аат иҥэриллибитэ.
1960-с сылларга Бороҕоҥҥо алта уон оҕоҕо миэстэлээх оскуола интернатын туппуттара. Аны онно сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Ол интернат тэриллэригэр 60 оҕо утуйар оронуттан, таҥнар таҥаһыгар, наскытыгар тиийэ хааччыллаллара. Хозчааска иһит арааһа, туох тутталларын барытын кыһын Ан 2 самолетунан Тиксииттэн Бороҕоҥҥо тастарбыттара. Уруккута Ан 2 ледобайга Тиксии-3 бэтэрээ өттүгэр түһэр этэ. Подсобнай хаһаайыстыбаларга Тиксиигэ да, Тиксии-3 да, ынаҕы, сибиинньэни иитэллэрэ. Онтон оройуон тойоно Бырдыылын Василий Харлампьевич дьаһалынан сыарҕалаах атынан порт складыттан ледобайга, онно анаан муораҕа мууска турар склад баар уонна биир харабыл, гуруусчуттар саллааттар стройэтэрээттэн кэлэн үлэлээбиттэрэ. Ону барытын толорон, муус устар ыйга түмүктээбитим. Манна үс сыл үлэлээбитим.
Аны Бороҕон нэһилиэгин төрүт олохтооҕо кыра сааһыттан сылгыга үлэлээбит Стручков Афанасий Алексеевич биригэдьиирдээх сылгыһыттаабытым. Онно Бурцев Лаврений Васильевич, Бурцев Василий Гавриллович, Бурцев Константин Егорович, Жирков Егор Романович, Стручков Федот диэн миигиттэн саастаах дьону кытта үлэлээн, сылгы майгытын билбитим диэххэ сөп. Онтон Бороҕон туспа совхоз буолбута. Эдэр салайааччылар куурустарыгар үөрэммит Горохов Прокопий Прокопьевич миигин завхоһунан икки сыл үлэлэппитэ. Онтон хат совхозтары бөдөҥсүтэргэ «Приморскай» совхозка баран үлэлээбитэ. Мин онтон Бороҕоннооҕу сэлээркэннэн оттуллар котельнайга пенсияҕа тахсыахпар диэри үлэлээбитим.
Пенсияҕа да тахсан баран аны Бороҕон маҕаһыыныгар маһынан оттуллар оһоҕор кочегарынан, грузчигынан үлэлээбитим.
Кэргэним түөрт кыыс, биир уол оҕону хаалларан, инсуллаан тута суох буолбута. Оҕолорбуттан Хара-Уулаахха ыал буолан олорон түөрт сиэни хаалларан саахарынай ыарыыга ылларан суох буолта. Үс кыыһым Тиксиигэ олороллор, үлэлииллэр.
Маҥнайгы кэргэним суох буолтун кэннэ уонча сыл олорон баран, Быыкапка ыал буолан хаттаан олох олорбутум. Иккис кэргэним Находкина Екатерина Васильевна диэн этэ. Кини эмиэ сааһын тухары балыкка былаанын ситиһиилээхтик толорсон, Булуҥ улууһун бочуоттаах олохтооҕун аатын ылан, биэс кыыс оҕону күн сирин көрдөрөн, үөрэттэрэн, үлэҕэ уһуйан, бары үөрэхтээхтэр. Бу билигин кыра кыыһа Быыкапка главанан үлэлиир. Екатерина Васильевна сайын Хочукчаҕа балык буолдугар биригэдиирдии сылдьан инсуллаан баран, эмтэнэ сатаабыта да, туһаммакка күн сириттэн суох буолта. Ол эмиэ мин олохпор улахан хомолто этэ.
Онон мин эдэр дьоҥҥо этиэх этим: Үлэһит киһи хаһан баҕарар ыар кэми тулуйан, үлэ диэн киһиэхэ дьол тосхойуута, ыра санаа туолуутугар төһүү күүс буолар эбит, — диэн Афанасий Романович ахтыытын түмүктээбит.
Александра Стручкова