Саҥа дьыл бырааһынньыгын кыралыын-улаханныын бары күүтэбит, кэтэһэбит. Кэлэр саҥа сылтан алыптаах түгэннэри, баҕа санаабыт туоларыгар эрэнэбит, элбэх үөрүү-көтүү аҕаларын эрэйэбит. Кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээн туран, «Кэлэр сылга тугу былаанныыгын, тугу кэтэһэҕин?” диэн ыйытыыга хоруйдуулларыгар көрдөстүм.
Екатерина Стручкова, «Солнышко» оҕо саадын иитээччитэ, элбэх оҕолоох ийэ:
— Ааһан эрэр сылга биһиги дьиэ кэргэҥҥэ элбэх уларыйыы буолла, ситиһии да баара. Кыра ыарахаттардаах да буоллар, улахан быһаарыыныны ылынным.
Кэлэр сыл өссө үөрүүлээх , ситиһиилээх буолуо диэн эрэйэбин, улахан уолум Петя экзаменнаах. Киниэхэ улахан ситиһиилэри баҕарабын.
Эһиил тугу эрэ саҥаны, истиҥи, кэрэни кэтэһэбин. Былааннааммыт баҕа санаам барыта туолуо диэн эрэнэбин.
Альберт Николаев, «Почта России» суоппара:
— Бу ааһан эрэр сыл мин тус олохпор уларыйылаах, үөрүүлээх буолла, уолум Дамир күн сирин көрдө.
Кэлэр сыл өссө үөрүүлээх, ситиһиилээх буолуо диэн эрэйэбин. Эһиил былааным улахан, киэҥ, үгүс, бастатан туран дьиэ кэҥэттэр былааннаахпын. Баҕа санаам туолуо диэн эрэнэбин.
Валентина Королева, медицинэ сиэстирэтэ, билигин оҕотугар олорор, элбэх оҕолоох ийэ:
— Бу ааһан эрэр сыл биһиги дьиэ кэргэҥҥэ этэҥҥэ ааста. Кэргэним спецоперацияттан эргиллэн кэлбитэ биһиги дьиэ кэргэммитигэр олус диэн үөрүүлээх. Оҕолорбут улаатан көмө дьоно буолан күннэтэ үөрдэллэр. Онтон ордук туох кэлиэй.
Кэлэн иһэр сылга сыалбытын ситиһэр санаалаахпыт, былааммыт элбэх. Эһиил дьиэ ылынар былааннаахпыт. Баҕа санаабыт туолуо диэн эрэнэбит. Бу сылга сатамматах сыалбытын кэлэр сылга туоларын туһугар күүс-уох ууран тиксэриэхпит диэн эрэнэбит.
Анатолий Ачикасов, «Кэскил» этнокултуурунай киин дириэктэрэ:
— Бу сыл миэхэ тус бэйэбэр куһаҕана суохтук ааста. Кэлэр сылга өссө көхтөөхтүк үлэлээн, сыалларбын ситиһиэм дии саныыбын.
Кэлэр сыл өссө үөрүүлээх, ситиһиилээх буолуо диэн эрэнэбин, тоҕо диэтэр кыра балтым оскуоланы бүтэрэр. Киниэхэ үөрэҕэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Барыта этэҥҥэ ааһан санаабыт санаам туолуо диэн эрэнэбин.
Я. Иванова