Быйыл нуучча улуу поэта Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүтэ 225 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү бүтүн Арассыыйа үрдүнэн киэҥник бэлиэтиир туһунан дойду Президенэ Владимир Путин 2021 сыллаахха ыйаах таһаарбыта.
Онно олоҕуран, бу күннэргэ Хара-Уулаах нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр «Тугутчаан» оҕо саадын иитиллээччилэрэ суруйааччы Александр Пушкин олоҕун туһунан билистилэр.
Бибилэтиэкэр Евдокия Клепечина «Балыксыт уонна балык» туһунан остуоруйаны ойуутун көрдөрө-көрдөрө доргуччу ааҕан иһитиннэрдэ. Оҕолор остуоруйаны сөбүлээн иһиттилэр, түмүгэр ыйытыкка хоруйдаатылар уонна санааларын үллэһиннилэр.
Тэрээһин улуу поэт Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар ананан уонна оҕо дорҕоонноохтук ааҕар сатабылын сайыннарар сыаллаах ыытылынна.
«Бу маннык тэрээһин оҕоҕо олус наадалаах дии саныыбын. Бастакынан, оҕо улуу суруйааччылар айымньыларын кытары билсэр, ааҕан толкуйдуу, ыйытыкка хоруйдуу үөрэнэр. Иккиһинэн, саҥарар дьоҕурун сайыннарар уонна маннык ааҕыылар, биллэн туран, кинигэҕэ интэриэһи тардаллар», — диир Евдокия Клепечина.
Санатар эбит буоллахха, нуучча улуу суруйааччыта, поэт, прозаик, драматург Александр Пушкин 1799 сыллаахха бэс ыйын 6 күнүгэр Москуба куоракка төрөөбүт. Кини айымньылара Арассыыйаҕа уонна аан дойдуга киэҥник биллэллэр.
37 саастааҕар 1837 сыллаахха дуэльга ытыалаһыы түмүгэр ыараханнык бааһыран аҕыйах хонугунан өлбүт.
Я. Иванова