Таймылыыр олохтоохторо национальнай таҥастаах куоластаатылар

“Таймылыыр олохтоохторо национальнай таҥас кэтэн кэлэн куоластаан бардылар”, – диэн иһитиннэрдэ быыбардыыр учаастак сэкэрэтээрэ Дария Андросова.

Ол курдук, бүгүн, кулун тутар 15 күнүгэр, 74 №-дээх быыбардыыр учаастакка Таймылыыр олохтоохторо национальнай көстүүм кэтэн куоластаатылар.

“Бэйэм култуура үлэһитэ буоларым быһыытынан, биир үөлээннээхтэрбин кытта сүбэлэһэн баран, эбэҥки национальнай таҥаһын кэтэн куоластыырга быһаарыммыппыт. Доҕотторбунаан бүгүн бары бииргэ түмсэн куоластаан кэллибит. Инники кэскилбитин таллыбыт”, — диэн кэпсээтэ «Үнкээбил» этнокультурнай киин дириэкэтэрэ Евдокия Ачикасова.

Таймылыыр 74 №-дээх быыбардыыр учаастага бүгүн сарсыарда 8 чаастан государственнай гимн кэнниттэн үлэтин саҕалаабыта. Нэһилиэк үрдүнэн быыбардааччылар испииһэктэригэр 410 киһи киллэриллибит.

Я. Иванова

Читайте дальше