Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Намыыга араас тэрээһиннэр ыытылла тураллар

Намыы нэһилиэгэр Олоҥхо декадатын, Хомус күнүн чэрчитинэн араас  тэрээһиннэр  буола тураллар. Онтон биирдэстэринэн буолар “Олоҥхо алыптаах дойдута” литературнай киэһэ. Саха уус-уран айамньытыгар анаммыт сэргэх тэрээһин сэтинньи 30 күнүгэр «Омолой» этнокултуурнай кииҥҥэ үрдүк таһымҥа буолан ааста.

«Омолой» култуура киинэ уонна киин бибилэтиэкэ Бороҕоннооҕу филиала көҕүлээбит тэрээһиннэригэр кыттыыны ыллылар оскуола оҕолоро, тэрилтэлэр салайааччылара, бэтэрээннэр уонна олоҥхону сэргээччилэр.

Дьоро киэһэни уус-уран хомоҕой тылларынан иилээн-саҕалаан ыытта бибилэтиэкэр Светлана Горохова.

Уһуйаан сэбиэдиссэйэ Рожина Ф.Х., иитээччи Аммосова М.Н., Софронеева А. Р., Тобонова С.Р., Нефтебаза салайааччыта Алексеева А.Г., «Омолой» култуура киинин дириэктэрэ Бурцева И.А. култуура киинин художественнай салайааччыта Дьяконов П.Н., бэтэрээн педагог-наставник Бурцева А.И., наставник иитээччи Болтунова О.В., нэһилиэк баһылыга Стручкова В.М., администрация сүрүн исписэлииһэ Егорова М.И., социальнай үлэһит Стручкова С.В., Стручкова Л.И. көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Бороҕон олоҥхоһуттарын туһунан дьоро киэһэ кыттыылаахтара билистилэр, ахтан-санаан аастылар: Бурцев Николай Архипович 1 — Ньукуучаан оҕонньор , Стручков Никита Егорович — Микиисэ оҕонньор, Мигалкин Григорий, Охлопков Иван Петрович.

Түмүккэ нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Старостина М.С. мустубут дьону эҕэрдэлээн туран, маннык сахалыы тыыннаах тэрээһиннэр олус диэн наадалаахтарын чопчулаата. «Олоҥхону ааҕар-истэр оҕо үчүгэйдик сахалыы өйдүүр-саҥарар буолар. Бүгүн эдэр ыччат кыттыспыта кэрэхсэбиллээх, ол аата биһиги инникилээхпит. Саха тылын учуутала Тобонова С.И. оҕолору бэлэмнээн, биһиги Уһук Хоту сиргэ олорон, олоҥхо аахпыппыт хайҕабыллаах дьыала. Инникитин даҕаны маннык литературнай ааҕыылары оҥорохха наада», — диэтэ кини.

Ону таһынан бу күн хомус дьүрүскэн тыаһа мустубут дьону абылаата.

Нарыйа Бурцева, Айталина Находкина дьон биһирэбилин ылыахтарын ыллылар.

Стручков Андрей Андреевич Бороҕоннооҕу орто оскуола учуутала Хотугу тыын мелодияларын хоһуйан, хомуска оонньоон, дьону сөхтөрдө, махталларын ылла.

Александра Стручкова

Читайте дальше