Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын төрүт култуураларын күнэ аан маҥнайгытын бэлиэтэннэ. Бу күн чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас таһымнаах тэрээһиннэр буолан аастылар.
Намыы нэһилиэгэр ахсынньы 10 күнүгэр Омолой култуура киинигэр бэлиэ күҥҥэ анаммыт тэрээһин буолла.
Бу күн оскуола оҕолоругар култуура киинин үлэһиттэрэ саҥа бырыыһынньык туһунан киэҥник сырдатан презентация көрдөрдүлэр, Саха сиригэр иллээхтик-эйэлээхтик 135 араас омук олорорун чопчулаатылар. Кинилэр үгэстэрин сүтэрбэттэрин наадатыгар бу күн олохтоммутун бэлиэтээтилэр.
Оҕолор саҥа бэлиэ күн туһунан олуһун сэргээн иһиттилэр, элбэх саҥаны биллилэр-көрдүлэр, араас омук оонньуутун кытта билистилэр, оонньоон боруобалаатылар.
Түмүккэ төрүт саха өбүгэ оонньууларын дуоһуйа оонньоон дьиэлээтилэр.
Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 7 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын төрүт култуураларын күнүн олохтуур туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Бу күн сыл ахсын ахсынньы бастакы өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр буолуоҕа.
Александра Стручкова