Намыыга кэрэ аҥаардар остуол оонньууларыгар күрэхтэстилэр

Аан дойду дьахталларын күнүгэр анаммыт тэрээһиҥҥэ Намыы кэрэ аҥаардара түөлбэнэн Омолой култуура киинигэр остуол тенниһигэр, хаамыскаҕа уонна хабылыкка күрэхтэстилэр.

 

Ол курдук, остуол тенниһигэр тэҥнээхтэрин булбата уонна маҥнайгы миэстэни ситистэ Мария Соловьева, 2 миэстэҕэ тигистэ Намина Находкина, 3 миэстэ Марина Аммосова буолла.

Саха төрүт остуол оонньууларыгар – хаамыскаҕа уонна хабылыкка – күрэхтэһии бэрт сэргэхтик буолан ааста.

Хаамыскаҕа 1 миэстэни ситистэ 77 саастаах үлэ бэтэрээнэ Мария Николаевна Горохова, кини эдэрдэри кытта тэҥҥэ күрэхтэстэ уонна кыайыы өрөгөйүн биллэ; 2 миэстэ – Старостина Евдокия Васильевна; үһүс – Марина Аммосова.

Хабылыкка 10 киһи күрэхтэспититтэн бастыҥтан бастыҥ буолары тэҥ очколаах ситистилэр Намина Находкина уонна Марина Аммосова; 2 миэстэ – Мария Соловьева, үһүс миэстэни Горохова Мария Николаевна ылла.

«Тэрээһини дьон сэҥээрдэ. Саха төрүт оонньууларыгар уһулуччутун көрдөрдө 77 саастаах үлэ бэтэрээнэ Мария Николаевна Горохова. Мария Николаевна аҕам саастаах киһи диэтэххэ, бэрт сэргэхтик уонна түргэнник хамсанан оонньуур эбит. Ону таһынан мустубут дьоҥҥо маастар-кылааһы көрдөрөн биһирэбили ылла. Кыайыылаахтар бары наҕараадаланнылар. Түөлбэ салайааччыларыгар махтал. Ким көхтөөх, ол кыайыылаах”, — диэн күрэхтэһии тэрийээччилэрэ чопчулууллар.

Санатар буоллахха, Дьиэ кэргэн сылыгар Арассыыйаҕа «Всей семей» бырайыак үлэлиир. Бырайыак чэрчитинэн кыттааччылар араас тэрээһиннэргэ сылдьан, уустуга суох сорудах толорон, бириистээх оонньууга кыттыахтарын сөп. Бырайыак сайта всейсемьей.рф.

Александра Стручкова

Читайте дальше