Намыыга «Иистэнии – дуоһуйуу» уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр быыстапкалара турда

Кулун тутар 9 күнүгэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар анаммыт «Иистэнии – дуоһуйуу» диэн ааттаах төрүт үгэһи, кэрэни тарҕатар Намыы нэһилиэгин талба талааннаах иистэнньэҥнэрин быыстапката «Омолой» култуура киинигэр турда.

Манна олоххо кэрэни көрөр оһуордаах аартыгынан олус умсугуйан дьарыктанар, оҕуруо тиһэр, оһуор анньар, айылҕаттан талааннаах айар-тутар уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр Мотрена Семеновна Старостина, Ульяна Павловна Бурцева, Елизавета Спиридоновна Бурцева, Мария Семеновна Корякина, Мотрена Николаевна Стручкова үлэлэрэ таҕыстылар.

Талба талааннаахтар үлэлэрэ кэлбит эрэ дьону сөхтөрдүлэр: кэрэ-мааны оһуордаах төрүт таҥас-сап, фоамирантан оҕуруо кыбытыылаах киэргэллэр, оҕуруоттан араас набордар, унтуу уонна этэрбэс арааһа.

Намыы нэһилиэк уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрин кытта Омолой култуура киинин дириэктэрэ Ирина Бурцева билиһиннэрэр.

Ульяна Павловна Бурцева ииһинэн дьарыктаммыта төрдүс сылыгар барбыт. Бу кылгас кэм иһигэр Ульяна араас техниканы барытын баһылаабыт. Ол курдук, оҕуруо киэргэллэриттэн саҕалаан улахан кэмпилиэк национальнай таҥастарга тиийэ тигэр эбит. Фоамиран буоллун, таба тыһа буоллун, туппута барыта тупсаҕай көстүүлэнэр. Быыстапкаҕа турбут оҥоһуктарыгар үксүн бисероплетение техникатынан туһанан араас дьэрэкээн бэйэлээх эбээн уонна саха омук төрүт киэргэллэрин көрүөххэ сөп, ону таһынан фоамирантан кэмпилиэктэри оҥорбут. Этэрбэс тигэргэ уорэммит.

Мотрена Семеновна Старостина 75 саастаах баай опыттаах иистэнньэҥ. Иис алыбыгар оҕо эрдэҕиттэн ылларбыт. Төрүт үгэһи тутуһан сарыынан, түүлээҕинэн тирии таҥастары тигэр. Төрүт дьарык сүппэтин-симэлийбэтин диэн сыаллаах, эдэр ыччаты тириинэн тигии албастарыгар, ньымаларыгар үөрэтэр. Тыс имитэргэ маастар-кылаас ыыппыт, туттар тэриллэрин билиһиннэрбит. Дьон-аймах манна кэлэн кэнники үлэлэриттэн биирдэстэрин –  кыыһыгар тикпит айан сагынньаҕын сэргээбиттэр. Унтууларын барытын ойуулаан тигэр эбит диэн биһирээбиттэр.

Елизавета Спиридоновна Бурцева эмиэ опыттаах иистэнньэҥ. Сатыыр сатаабат дьону барытын иистэниҥ диэн сүбэлиир. Бэйэтэ араас техниканы, ньыманы барытын баһылаабыт киһинэн буолар. Оҕуруонан, түүлээҕинэн, тириинэн дьарыктанар, валяние диэн техниканы бэркэ баһылаабыт, сахалыы таҥастары тигэр. Араас атах таҥаһын, бэргэһэ, үтүлүк оҥоһуктар быыстапкаҕа тахсыбыттар. Маастырыстыбатын наар кэҥэтэр идэлээх эбит, ол курдук куоракка тиийдэҕинэ маастар-кылаастарга сылдьан билиитин хаҥатар, саҥа өрүтү өрүү бэйэтигэр арыйар эбит. Мустубут дьоҥҥо бэрт интириэһинэй сэргэх маастар-кылаас көрдөрөн,элбэх дьон болҕомтотун тарпыт.

Мария Семеновна Корякина – оскуола учуутала, иллэҥ кэмигэр иистэнэрин сөбүлүүр. Оҕуруонан араас киэргэллэри, суумканы оҥорбут, баайыы таҥастары, кыбытыктаах оҥоһуктары дьон дьүүлүгэр таһаарбыт. Оноолоох сону олус үчүгэйдик тикпит, ону таһынан сылгы кутуругуттан онорбут «Сапсыыка» үлэтин олус сөбүлээтибит диэн дьон-сэргэ махтайбыт.

Мотрена Николаевна Стручкова – алын кылаас учуутала. Иллэҥ кэмигэр таба муоһуттан араас сувенир, эбээн, саха омук киэргэллэрин оҕуруонан тиһэн кэмпилиэк оҥорон дьарыктанар эбит. Ону таһынан иистэнэр, ол курдук быыстапкаҕа оноолох сон тикпитин таһаарбыт.

 

«Тарбахтарыгар талааннаах маастардарбыт быыстапкалара кулун тутар 13 күнүгэр диэри туруо. Тэрээһиммит сыалын ситистэ, ол курдук элбэх эдэр да, аҕам да саастаах дьон быыстапканы сэргээн кэлэ тураллар. Холобура, Бороҕоннооҕу оскуола дириэктэрин солбуйааччы Мария Алексеевна Рожина көҕүлээһининэн күн бүгүн оскуола оҕолоро кэлэн, иистэнньэҥнэрбит үлэлэрин көрдүлэр, Мария Семеновна Корякина быыстапкаҕа турбут бэйэтин оҥоһуктарын туһунан кэпсээтэ, ону таһынан иистэнньэҥ үлэлэрин 7 кылаас кыргыттара кэтэн дефиле хаамтылар. Уран тарбахтаахтарбытыгар баҕарабыт айар аартыккыт аһылыннын, үлэҕит сыаналаннын, саҥа айымньылар айыллан истиннэр, санаабыккыт сатаннын, онорбуккут кэлэр көлүөнэҕэ киэн тутта кэпсээн буоллун», — диэн Ирина Алексеевна быыстапка кыттааччыларыгар махталын тиэрдэр.

Санатар буоллахха, Дьиэ кэргэн сылыгар Арассыыйаҕа «Всей семей» бырайыак үлэлиир. Бырайыак чэрчитинэн кыттааччылар араас тэрээһиннэргэ сылдьан, уустуга суох сорудах толорон, бириистээх оонньууга кыттыахтарын сөп. Бырайыак сайта всейсемьей.рф.

Александра Стручкова

Читайте дальше