Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн “Вместе с президентом” баннер элбэхтик тарҕанна. Булуҥнар былакаакка биир дойдулаахтара Марфа Андреевна Филиппова-Булунская хаартыската тахсыбытын улаханнык сэргээтилэр. Манна сиэттэрэн, “Арктика майааҕа” хаһыат кэриспэндиэнэ Марфа Андреевнаны кытта көрсөн олоҕун-дьаһаҕын туһунан туоһуласта.
Булуҥ улууһун Сииктээҕэр күн сирин көрөн, Күһүүр нэһилиэгэр оҕо сааһа ааһан, Хаҥаласка олохсуйан, Магадаҥҥа, Дьокуускайга устудьуоннаан, үөрэх уонна култуура салаатыгар ситиһиилээхтик үлэлээн, билигин Марфа Андреевна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлин Тиксиитээҕи филиалыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ номнуо тохсус сыла буолла.
Марфа Андреевнаны оройуоммутугар түмэл дириэктэрин быһыытынан эрэ буолбакка, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, поэтесса, общественник, саха култууратын киэҥник тарҕатааччы быһыытынан үгүс дьон билэр.
Марфа Андреевна кэнники сылларга олох-дьаһах тосту тупсубутун чопчулуур. Ол курдук, судаарыстыбаттан кыаммат араҥаҕа, элбэх оҕолоох ыалларга, соҕотох төрөппүттэргэ, эдэр ыалларга уо.д.а. көмө арааһа киирбитин, ону таһынан дьиэ кэргэни өйүүр дьаһаллар кэҥээн иһэллэрин бэлиэтээтэ.
«Балысханнаах 90-ус сыллар дьалхааннарын кэмигэр учууталлыырым. Олус уустук кэмнэр этилэр, ыһыллыы-тоҕуллуу сабардаабыта. Дьон оҕолорун да кыайан иитэр кыахтара суоҕа. Үлэлээн-үлэлээн баран, хамнас диэни билбэт этибит, ас-таҥас да кырыымчыга. Оннук ыһыллыбыт дойдуну Владимир Владимирович Путин салайан атаҕар туруорбута. Кини кыахтаах, күүстээх майгыта, өйө-толкуйа, сөптөөх политиката Дойдубутун быыһаабыта, судаарыстыбабыт оннун булбута, атаҕар турбута. Ону история арылхайдык кэпсиир. Хайдах эрэ, кини баарын тухары бэйэбин көмүскэллээх курдук сананабын”, — диэн кэпсиир Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөрэҕирии туйгуна, Култуура туйгуна, Булуҥ улууһун бочуоттаах олохтооҕо Марфа Андреевна Филиппова-Булунская.
Александра Стручкова