Буойуттар дьиэ кэргэттэрэ болҕомто киинигэр сылдьаллар

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбыт дьонноро-сэргэлэрэ болҕомто киинигэр сылдьыахтаахтар диэн өйдөбүлүнэн сиэттэрэн, Күһүүр сэлиэнньэтин «Булунское» муниципальнай унитарнай тэрилтэ үлэһиттэрэ бу күннэргэ буойуттар дьиэ кэргэттэрин таба этинэн, балыгынан хааччыйдылар. Онтон Күһүүргэ анал байыаннай дьайыы байыастарын дьиэ кэргэттэрэ 16 ыал баар.
Руслан Лукин салайааччылаах тэрилтэ нэһилиэнньэҕэ куруук күүс-көмө буолар диэн олохтоохтор хайгыыллар уонна түгэнинэн туһанан Руслан Семеновичка, Полина Константиновнаҕа махталларын тиэрдэллэр. Үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, тус олоххутугар дьолу-соргуну дииллэр буойуттар дьиэ кэргэттэрэ.
Онтон биһиги хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар түргэнник кыайан-хотон төрөппүттэригэр, кэргэттэригэр, оҕолоругар, дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт!

Я. Иванова