Булуҥ нэһилиэгэр бастакы церковно-приходской оскуоланы 1893 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр таҥара үлэһитэ С.А. Орлов арыйбытын туһунан норуот үөрэҕириитин бэтэрээнэ, Булуҥ улууһун үтүөлээх олохтооҕо Г.И. Стручков уонна Күһүүр интэринээт-оскуолатын выпускницата А.М. Комина архыыптан булан оройуон “Арктика Майааҕа” хаһыатыгар бэчээттэппиттэрэ.
Оскуолаҕа ол кэм сэниэ ыалларын (баайдар, атыыһыттар) 12 оҕото: 8 уол, 4 кыыс үөрэнэ киирбиттэр. Оскуола дьиэтин тутуу төрөппүттэр үптэригэр 1896 сыллаахха саҕаламмыт уонна 1898 с. түмүктэммит. Оскуола үлэтин туһунан 99 илиистээх отчуоту Стефан Орлов 1902 сыллаахха Дьокуускай архыыбыгар туттарбыта көстүбүт.
Бу докумуоннарга олоҕуран 1993 сыллаахха балаҕан ыйын саҥатыгар Күһүүр орто оскуолатын 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйэ улахан тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. Ол үбүлүөйгэ биһиги сүүрбэччэ буолан хомулламмыт Дьокуускайтан “Механик Кулибин” теплоходунан айаннаабыппыт. Оскуоланы бүтэрбиппит 27 сыл буолан баран, үгүспүт өр сыллаах сүтэрсии кэнниттэн Күһүүргэ көрсөммүт үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуппут. Оскуолабыт барахсан биһигини иккистээн холбообута.
Ол кэмтэн ыла бэйэ бэйэбитин уонна оскуолабытын кытта сибээспитин быспатахпыт, куруук суруйсар, телефоннаһар, билсиһэр буолбуппут. Биһиги тапталлаах оскуолабыт 110 (2003), 120 (2013), 125 (2018), интернат-оскуола 50 (2007) сыллаах үбүлүөйдэригэр көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоллоохпут. Үбүлүөйдэргэ сылдьан үөрэппит учууталларбытын, доҕотторбутун, оскуола педколлективын, үөрэнээччилэрин кытта көрсөн, алтыһан, санаабыт көтөҕүллэн кэлбиппитин куруук күндүтүк саныыбыт, бу тэрээһиннэр кылааспыт сомоҕолоһуутун бигэ тирэҕэ буолбуттара.
Быйыл даҕаны үгэспитин кэспэтибит, төһө да саас баттаатар кылааспытыттан Исакова Валентина Егоровна (1945 с.т.) уонна Колесова Вера Константиновна (1947 с.т.) оскуолабыт 130 сыллаах үбүлүөйүгэр кыттан кэллилэр. Иккиэн даҕаны олоххо дьулуурдаах, барыбытыгар холобур буолар кэрэ аҥаардар. Валентина Егоровна АБЭ саҕаланыаҕыттан Дьокуускай волонтердарын туох баар түбүктээх үлэлэригэр барытыгар көхтөөхтүк кыттар. Дьиэтигэр ыкса киэһэ утуйарыгар эрэ кэлэр. Вера Константиновна Чурапчы Хатылытын эбээлэрин түмсүүтүн биир тутаах киһитэ. Хатылы эбээлэрин үҥкүүгэ ансаамбыла Сочига (2020, 2022), Москваҕа (2020), Санкт-Петербурга (2022), Дьокуускайга (2022), Чурапчыга (2018) ыытыллыбыт бэстибээллэргэ лауреат үрдүк аатын сүгэн үгүс киһини сөхтөрбүтэ. Эбээ Биэрэ сиэнэ кыыһы Ленаны илдьэ баран Күһүүр бөһүөлэгин, хоту дойду хоһуун дьонун-сэргэтин билиһиннэрэн кэллэ.
Үбүлүөй тэрээһиннэрэ быыбар күннэрин кытары сөп түбэһэннэр, ыалдьыт аҕыйах үһү, Дьокуускайтан биһиги эрэ дьоммут тиийбиттэр. Киин сиртэн кэлбит дьону ытыс үрдүгэр сырытыннарбыттар, 2019 с. үлэҕэ киирбит саҥа таас оскуола дьиэтигэр баар интэринээккэ олохтообуттар. Интэринээт оҕолоругар толору хааччыллыылаах олорор-үөрэнэр усулуобуйа тэриллибит: иккилии оҕо олорор хосторо, туалет, ванна, остолобуой, үөрэнэр кылаастара – барыта үрдүттэн. Дьоммут теплоходка олорон икки аҥаар сууккалаах, саастаах киһиэхэ сындалҕаннаах айан кэнниттэн сынньанан абыраммыттар.
Икки күн устата үбүлүөй сүрүн тэрээһиннэрэ: үөрүүлээх мунньах, өрөгөйдөөх линейка, эҕэрдэлээһин-наҕараадалааһын, бэлэхтэри туттарыы, кылаастарынан үөрэнээччилэри кытта кэпсэтии, нэһилиэнньэлиин көрсүһүү, учууталлар, үөрэнээччилэр күүстэринэн бэртээхэй кэнсиэр, бырааһынньык баҥкыата, уо.д.а. оскуолаҕа, бөһүөлэк кулуубугар, оскуола остолобуойугар ыытыллыбыттар. Биһиги дьоммут бары тэрээһиннэргэ кыахтара тиийэринэн кыттыбыттар, өссө быыс булан доруобуйатын туругунан тэрээһиннэргэ сылдьыбатах кылааһынньыкпытыгар Семен Павлович Никитиҥҥэ дьиэтигэр тиийэн, кини мааны остуолугар хоту дойду дьоно сөбүлүүр астарын амсайан, үөрэ-көтө сэлэһэн, оскуола кэминээҕи хаартыскалары көрөн астыммыттар. Сэмэн сиэннэрин көмөтүнэн массыынанан оҕо сылдьан сөбүлээн сылдьар, оонньуур миэстэлэрбитин кэрийбиттэр, хаартыскаҕа түспүттэр.
Үһүс күннэригэр Тиксииттэн теплоход кэлэн дьоммутугар кэһии-бэлэх туттаран, теплоходка аһыылларыгар өйүө биэрэн, массыынанан биэрэккэ киллэрэн, махталы кытта атаарбыттар. Кыргыттарбыт – оҕо сааспыт арыалдьыттара оскуолабыт уонна Сэмэммит барахсан ыыппыт кэһиилэрин аҕалан аахтара туттаран долгуттулар, үөртүлэр.
Түмүк. Устуоруйаҕа биллэринэн, Саха сиригэр ХVIII үйэттэн саҕалаан бастакы оскуолалар арыллан барбыттар. Бастакынан, 1801 с. Дьокуускайга таҥара үөрэҕин (духовнай) оскуолата, онтон 1808 сыл олунньу 3 күнүгэр бастакы уездтааҕы училище арыллыбыттар. Көстөрүн курдук, үөрэхтээһин саҕаланыытын таҥара үлэһиттэрэ көҕүлээбиттэр эбит. Кэлин сорох улуустарга көскө кэлбит сыылынайдар олохтоох баайдар оҕолорун үөрэппиттэрэ биллэр.
Күһүүр оскуолата өрөспүүбүлүкэ биир саамай кырдьаҕас үөрэҕин кыһата буоларынан, Уһук Хотугу улуустарга олохтоох национальнай каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ уһулуччу кылааттааҕынан улуус дьоно бары киэн туттуохтаахпыт, кини үбүлүөйүгэр сиэрдээхтик, дьоһуннаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт. 130 сыллаах үбүлүөйгэ оннооҕор Күһүүргэ олорор выпускниктар көхтөөх кыттыыны ылбатахтарын истэн, хомойдубут. Кэлэр үбүлүөй тэриллиитигэр улуус салалтата сөптөөх болҕомтотун уурарыгар, үбүлээһиҥҥэ көмөлөһөрүгэр баҕарабыт.
Тапталлаах оскуолабыт 1970-с сылларга диэри үлэтин-хамнаһын, биһигини үөрэппит учууталлар туһунан “Алтан чуораан ыҥырара…” ахтыы кинигэтин 2013 с. таһаарбыппыт. Ол кэмнэртэн бүгүҥҥүгэ дылы оскуола үлэтин сырдатар саҥа кинигэ күн сирин көрөрө бириэмэ ирдэбилэ буолла. Биһиги истэрбитинэн, оннооҕор, 75-90 саастаах, бэйэлэрин историяларын сыаналыыр, ытыктыыр оскуолалар маннык кинигэлэри таһаарбыттара быданнаабыт. Улуус, нэһилиэк, оскуола билиҥҥи салалталара анал комиссия тэрийэн, үбүн-харчытын быһааран, Күһүүр оскуолатын 1970-с сылларыттан бу күннэргэ диэри историятын толору сырдатар кинигэни таһаартарыахтара диэн эрэнэбит.
Өссө биир түгэҥҥэ тохтуохпутун баҕарабыт. Хас үбүлүөй ахсын оскуола аттыгар мас, талах олордуута ыытыллар да көрүү-харайыы тэриллибэт буолан туох эмэ чэчирии үүммүтэ көстүбэт. Саҥа оскуола аттыгар сквер оҥоруохха, мас олордуохха, күрүөлүөххэ-хаһаалыахха, үчүгэй көрүүнү-харайыыны тэрийиэххэ, сайын кыраһыабай сибэккилэри олордуохха, хаһаайынныы сыһыаннаһыахха. Бу үлэни биология, ботаника учууталлара салайан үөрэнээччилэр көмөлөрүнэн тэрийэллэрэ сиэрдээх буолуо этэ. Биһиги кылааһынньыкпыт, Булуҥ улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Горохов Побед Николаевич Күһүүргэ дьиэтин таһыгар олордубут мастара, сэппэрээктэрэ хайдах курдук силигилии үүнэн туралларыттан, хараҕы үөрдэллэриттэн холобур ылыахха наада. Бу сквер бөһүөлэк биир саамай кэрэ, эдэр ыччат мустар, сөбүлээн сынньанар миэстэтэ буоларын ситиһиэххэ.
Оскуола 100 сыллаах үбүлүөйүгэр эргэ умайбыт оскуола аттыгар тэриллибит, туруоруллубут композицияны (обелиск, сэргэлэр) сөргүтүөххэ, тупсарыахха, саҥалыы тыынныахха. Күһүүрү хоту сир биир саамай кэрэ, аныгылыы тупсаҕай көстүүлээх бөһүөлэгэр кубулутуохха.
Үбүлүөй тэрээһиннээхтик ыытыллыбытыгар оскуола директорыгар Матрена Ивановна Корякинаҕа, педколлективка, көмөлөспүт дьоҥҥо махталбытын биллэрэбит, чаҕылхай ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, үөрэнээччилэргэ туйгун үөрэҕи баҕарабыт.
Күһүүр интэринээт-оскуолатын 1966 сыллаах выпускниктарын аатыттан К.К. Стручков, Булуҥ улууһун бочуоттаах гражданина.
31.10.23 с., Дьокуускай к.