Бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха сирин олохтоохторо өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтиибит.
Бу бэлиэ күҥҥэ Бороҕон нэһилиэгин олохтоохторо өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ муһуннулар. Тэрээһин Саха сирин өрөгөй ырыатын толорууттан саҕаланна.
“Дьэргэлгэн” үҥкүү бөлөх кыргыттара сахалыы үнкүүлээн дьону-сэргэни үөртүлэр.
Олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Ньургуяна Старостина уонна бэтэрээннэр Сэбиэттэрин салайааччыта Мотрена Старостина нэһилиэк олохтоохторугар эҕэрдэ тылларын тиэртилэр.
Нарын-намчы куоластаах Оксана Болтунова уонна Лариса Стручкова Сахабыт сирин өрөгөйдөөн ырыа ыллаан дьон биһирэбилин ыллылар.
Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһа олохтонуутугар олук уурбут дьоммут – Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Баранов, Степан Аржаков уонна да атын общественнай деятеллэр тустарынан Бороҕон оскуолатын орто бөлөх үөрэнээччилэрэ кэпсээтилэр.
Үөрүүлээх митиң улахан кылаас үөрэнээччилэрэ “Уруйдуубун, Сахам сирин” флешмобунан түмүктэннэ. Бу туһунан «Омолой» этнокультурнай киин художественнай салайааччыта Мария Егорова иһитиннэрдэ.
Бэйэ кэрр.