Бороҕон оскуолатын оҕолоро күһүҥҥү сынньалаҥҥа балыктаан кэллилэр

Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы, өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылларын чэрчитинэн Бороҕон оскуолатын учууталлара, үөрэнээччилэрэ үгүс үлэ ыыталлар.

Ол курдук, үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан аҕам саастаах дьон декадаларыгар  кылаастарынан кырдьаҕастарга, оскуола бэтэрээн үлэһиттэригэр тимуровскай көмө оҥоһуллубута. Аны күһүҥҥү сынньалаҥ кэмигэр улахан кылаас үөрэнээччилэрэ (8-11) ОБЖ учуутала Андрей Стручков уонна физкультура учуутала Сергей Шадрин салайааччылаах Ураһа Тирэҕэ учаастакка балыктаан кэллилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, маннык балыктааһын оскуолаҕа үгэскэ кубулуйбут.

Бу сырыыга тоҕус уол барсан, муус аннынан балыктаан кэлбит. Учууталлар кэпсииллэринэн, маннык тэрээһиннэр улаатан эрэр оҕону уоллуу иитэргэ-үөрэтэргэ ананаллар, кэлин олохторугар да улаханнык туһалыаҕа диэн эрэллээхтэр. Ону тэҥэ уолаттар булт сиэригэр-туомугар, айылҕаҕа, сиргэ-уокка сылдьыы быраабылатыгар үөрэнэллэр.

Күһүҥҥү сынньалаҥ кэмигэр иннэ гынан балыксыттар уопсайа 200 киилэ кэриҥэ көмүс хатырыктааҕы ылбыттар, онтон 60-ча киилэтин оскуолаҕа туттарбыттар.

Александра Стручкова

Читайте дальше