2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, онтон Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Итинник быһаарыыны Президент Владимир Путин дьиэ кэргэн көмүскэлин уонна үгэс буолбут сыаннастарын харыстааһын эйгэтигэр судаарыстыбаннай политика сабыдыалын кэҥэтэр сыаллаах ылыммыта. Билиҥҥитэ, дьиэ кэргэн олоҕо тупсарыгар, туруктаах буоларыгар элбэх үлэ барар, тэрээһиннэр ыытыллаллар, сокуоннар тахсаллар. Бүгүн биһиги ыалдьыппыт — Горнаковтар дьиэ кэргэн.
Амгалена уонна Валерий Горнаковтар Булуҥ улууһун кииниттэн тэйиччи сытар Сииктээх нэһилиэгин эдэр ыалыттан биирдэстэрэ.
Амматтан төрүттээх эдэр кыыс учуутал идэтин баһылаан 2016 сыллаахха Булуҥ улууһун Сииктээх нэһилиэгэр кийиит буолан сүктэн кэлэн, оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэтин саҕалаабыта. “Тоҕо эрэ хоту барыахпын наһаа баҕарар этим. Бадаҕа дьылҕа-хаан тартаҕа буолуо”, — диэн кэпсээнин саҕалыыр Амгалена.
Тапталлаахтар 2015 сыллаахха сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан, ыал буолан бур-бур буруо таһааран, дьиэ-уот тэринэн, икки кыыс, икки уол оҕо төрөтөн ийэ-аҕа аатын сүкпүттэрэ номнуо 10 сылыгар барда. Улахан уоллара Сема 5 кылаас үөрэнээччитэ, ийэтин көмөлөһөөччүтэ Варя — 3 кылаас, онтон 6 саастаах Виталий уонна 4 саастаах муруннарын бүөтэ Виктория оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ. Кырачааннар пластилинынан, оҕуруонан оҥоһуктары оҥороллор, уруһуйдуулларын сөбүлүүллэр.
Эдэр ыал оҕолорун иллээх дьиэ кэргэн тапталыгар бигээн олоххо тулуурдаах-дьулуурдаах буолар гына иитэр.
«Оҕолорбутун бэйэбит холобурбутунан иитэбит, “Аччыктаабыты аһат, тоҥмуту ириэр” диэн өс хоһоону тутуһан дьоҥҥо, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ үтүөтүк сыһыаннаһарга үөрэтэбит, онно эбээлээх эһээбит Галина Дмитриевна уонна Валерий Васильевич өрүү күүс-көмө, өйөбүл буолаллар, сүбэ-ама биэрэллэр. Кэргэним дьоно миэхэ ийэлии-аҕалыы амарах сыһыаннара миигин кынаттыыр. Үчүгэй, эйэҕэс, сымнаҕас ыалга түбэһэн толору дьоллоохпун дэнэбин. Кэргэним Валерий төрөппүттэрин курдук эйэҕэс, сымнаҕас майгылаах, таптыыр, күндү киһим, эрэллээх доҕорум, мин кининэн киэн туттабын, таптал, өйөбүл, тирэх диэни биллим. Биһиги дьиэ кэргэн бары бииргэ сүүс сүүспүтүттэн өйөнсөн, кыаллыбаты да кыайа сатаан, дьоллоохтук олоробут диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ол курдук, дьиэ ис-тас үлэтин бииргэ эйэ дэмнээхтик толоробут. Холобура, мин ийэбинээн Галина Дмитриевналыын дьиэ ис үлэтин оҥоробун, дьоммутун минньигэс аһынан күндүлүүбүт, кинилэр тот, ыраас, сылаас таҥастаах сылдьалларын бэрийэбит», — диэн кэпсиир эдэр ийэ.
Ыал аҕата Валерий Валерьевич — уот ситимин биир тутаах үлэһитэ, бултуурун, балыктыырын сөбүлүүр, эбээлэрэ Галина Дмитриевна — оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ, онтон эһээлэрэ Валерий Васильевич — балыксыт.
Горнаковтар дьиэ кэргэн тыа ыалын сиэринэн оҕолорун үлэҕэ сыһыаран, бары бииргэ айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр. Сайынын сир астаан, балыктаан, бултаан уоппускаларын туһалаахтык атаараллар.
Нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ мэлдьи кыттан, дьиэ кэргэнинэн бырааһынньыктары, төрөөбүт күннэри бэлиэтииллэр.
Киэһэтин үлэ, үөрэх кэннэ остуол тула олорон күннээҕи түбүктэрин, сонуннарын ырытыһаллар, кыаллыбатах соруктары быһаараллар. Итини таһынан, өрөбүлгэ саха ыалын сиэринэн, алаадьы астанан бары бииргэ мустан итии мүөттээх чэй иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэтэн күннэрин атаараллар.
«Дьиэ кэргэҥҥэ бэйэ-бэйэни өйдөһүү, өйөһүү баар буоллаҕына эрэ табыллар. Оччоҕо эрэ бииргэ олорор олохпут иллээх-эйэлээх, уһун уонна дьоллоох буолар», — диэн кэпсээнин түмүктүүр ыал күн-күбэй ийэтэ.
Эдэр ыал судаарыстыбаннай бырагыраамалар, ол курдук, федеральнай “Ийэ хапытаала”, “Дьиэ кэргэн” республикатааҕы хапытаал уонна да атын араас хайысхалаах бырагырааммалар, көмө көрүҥэ, кээмэйэ сыл аайы кэҥээн иһэрин уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ өйөбүл, күүс-көмө буоларын бэлиэтээтилэр. Итини таһынан, үүммүт сылы Арассыыйа Президенэ Дьиэ кэргэн уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыга Оҕо саас сылларынан биллэрбиттэрин хайгыы истибиттэрин эттилэр.
Бу дьиэ-кэргэҥҥэ хайа баҕарар түгэҥҥэ өйдөһүү-өйөһүү, үлэни өрө тутуу диэн өйдөбүл баарыттан киһи эрэ үөрэр.
Я. Иванова