Таймылыыр 74-с нүөмэрдээх быыбардыыр учаастак чилиэннэрэ доруобуйаларынан хааччахтаах уонна аҕам саастаах дьоҥҥо дьиэлэринэн сылдьан куоластаттылар. Аҕам саастаах дьон быыбар хамыыһыйатын чилиэннэрэ кэлэллэрин куоластаары мэлдьи кэтэһэллэр.
Ол курдук, Дмитрий Гаврильевич уонна Надежда Гаврильевна Павловтар дьиэҕэ олорон быыбарга кыттыбыттарыттан үөрүүлэрэ үгүс, быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэригэр махталларын тиэртилэр.
82 саастаах ытык кырдьаҕас Борис Егорович Михайлов быыбарга куруук кыттарын биллэрдэ уонна дойдубут инники сайдыытын туһугар бүлүтүөҥҥэ «бэлиэ» туруоран куолаһын биэрдэ.
Аҕам саастыылааҕа Екатерина Егоровна Филиппова быыбарга кыттан, бэйэтин санаатын этинэн ытык иэһин толорбутуттан үөрүүтэ улахан.
Онтон доруобуйатынан хааччахтаах Наталья Стручкова быыбар хамыыһыйатын чилиэннэрин үөрүүнэн көрүстэ, сонун ыйыталаста уонна түөрт хандьыдааттан биирдэстэригэр куолаһын биэрдэ.
«Дьиэҕэ олорон куоластааһыҥҥа 21 сайабылыанньа киирдэ. Ытык саастаах дьоммутугар дойдубут инники сайдыытын туһугар быыбарга кытталларыгар махталбытын тиэрдэбит. Нэһилиэк олохтоохторун, чуолаан эдэр ыччаты, быыбардыыр учаастакка кэлэн көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырабын. Быыбарга кыттыы — биһиги инники кэскилбит», — диир быыбардыыр учаастак сэкирэтээрэ Дария Андросова.
Ити курдук дойдубут инники сайдыытын иннигэр ытык саастаах дьоммут көхтөөхтөрүн көрдөрөн эдэр дьоҥҥо холобур буолаллар.
Я. Иванова